Арктикаҕа олорор аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар үгэскэ кубулуйбут дьарыктарын өйүүр судаарыстыбаннай бырагырааманы бырабыыталыстыба бигэргэттэ, суруйар «Правительственная газета».
Бырагыраама туризмы уонна промышленноһы, дьоҕус уонна орто бизнеһи субсидиялааһыны, олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһааран тас уонна ис ырыынакка таһаарыыны өйүүр диэн суруллар.
Алта сүрүн хайысхалаах. Бастакыта промышленнай уонна технологическай инфраструктураны сайыннарыы. Предпринимателлэр уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылар эти уонна балыгы астааһыннарыгар оборудование ылыыларын ороскуотун субсидиялааһын. Маны сэргэ сибээһинэн, интернетинэн хааччыйыы уонна художественнай промысел эйгэтин сайыннарыыга өйөбүл.
Иккиһинэн, Арктика норуоттарын олохтоох бородууксуйаларын ис уонна тас ырыынакка батарыы. Быыстапкалары тэрийиигэ маркетинговай матырыйаалы бэлэмнээһиҥҥэ сүбэлээһин. Бородууксуйа сертификатын уонна лицензиятын оҥорууга, маны сэргэ логистика тутулун аттарыыга болҕомто ууруллар. Былаан быһыытынан, экспоры кытта сибээстээх ороскуоту судаарыстыба уйунар.
Сиһилии https://ysia.ru/kabmin-utverdil-programmu-gospodderzhki-malochislennyh-narodov-arktiki/
This post was published on 21.04.2021 12:01 12:01