Миниистир Сардаана Гурьева - Ороһуга

Бүгүн, муус устар 12 күнүгэр СР гражданскай обществотын институттарын сайыннарыы миниистирэ Сардана Гурьева Үөһээ Бүлүү Ороһу нэһилиэгэр ыалдьыттаата, нэһилиэк баһылыгын Анатолий Антоновтыын, олохтоохтору, түмсүү кыттааччыларын кытары көрсөн киэҥ кэпсэтиини ыытта.


Ороһу нэһилиэгин түөлбэтэ улууска да, республикаҕа да киэҥник биллэр. Дьон түмсэн, бииргэ үлэлээн элбэҕи ситиспиттэрэ, республикаҕа биллэр үгүс саҕалааһын Ороһу сириттэн-уотуттан саҕаламмыта. Ол курдук, от кээһэр сыарҕа манна айыллыбыта, арыгыны атыылааһын бириэмэтин хааччахтааһын, бобуу – Ороһуттан тахсыбыта. Маны таһынан, олохтоохтор көҕүлээһиннэринэн, бэйэ күүһүнэн стадион тутуллубута.

Бүгүҥҥү кэпсэтиигэ олохтоохтор түөлбэ үлэтин сөргүтэр наадалааҕын этиннилэр, ону сэргэ түөлбэ, түмсүү үлэтэ кэнчээри ыччакка холобур буоларын, иитиигэ улахан болҕомто уурарын бэлиэтээтилэр. Мантан сиэттэрэн, эдэр ыччат түмсэр, нэһилиэк туһугар үлэлэһэр былааннаах. Сардаана Михайловна хас биирдии этиини сэргии иһиттэ.

Салгыы миниистир 20-с сылларын ааспыт «Күбэйэ» эбээлэр түмсүүлэрин кытары көрүстэ. Аҕам саастаахтарбыт үлэлэрин, инники былааннарын кэпсээтилэр, түмсүүлэрин регистрациялыырга туох ирдэнэрин туоһуластылар. «Кырдьаҕастан – сүбэтин» диэбиттии, Сардаана Михайловна аҕам саастаахтарбыт этиилэрин, сүбэлэрин ордук болҕойон иһиттэ, санааларын эттэ, инники үлэтин былааныгар туһаныах, общественноһы кытары күүскэ үлэлиэх буолла.

This post was published on 12.04.2016 17:27 17:27