Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин эбээһинэһин толорооччу, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Петр Алексеев Аммаҕа баран сайыҥҥы үлэ саҕаланыытын кытта билистэ.
«Илгэ» ХЭТ Емельяновкатыгар тиийэн, агрокуорат тутуллуохтаах сирин кытары билистэ. Абаҕа нэһилиэгин баһылыга Анатолий Ефремов уонна хаһаайыстыба салайааччыта Василий Тимофеев федеральнай тус сыаллаах бырагырааманан 2020 сылга диэри барыахтаах үлэ туһунан кэпсээтилэр. Манна 286 мөлүйүөн солкуобайтан тахса суумаҕа ыытыллыахтаах үлэ иһигэр – хотон, модульнай хочуолунай тутуута, суола-ииһэ, уота-күөһэ, олорор дьиэ тутуллуута киирэ сылдьар. Быһата, Абаҕа таһыгар тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар бөһүөлэк оҕото үөскүөхтээх. Баһылык Анатолий Ефремов: «Бастатан туран, хочуолунайы тута охсуохпутун наада. Бу хайысхаҕа толору хааччыллыы баар буолла да, дьон дьиэ туттан барыах этэ», — диэн бэлиэтээтэ.
Бөтүҥҥэ Петр Николаевиһы «Бөтүҥ» ТХПК бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Левин көрсөн, быйыл тутуллуохтаах хотонун туһунан кэпсээтэ. «Туймаада» ФАПК-ттан матырыйаала-тойо барыта кэлэн сытар. «Бырайыак быһыытынан, 200 миэстэлээх. Алтынньы ыйга диэри тутан бүтэриэхпит. Аны, ОДЬКХ кытары кэпсэтэн, өрүстэн уу ситимин тартарар былааннаахпыт уонна хотон аттыгар үлэһиттэргэ дьиэ тутуохтаахпыт» — диэн бэрэссэдээтэл кэпсээтэ. Дмитрий Степанович хотон тутулуннаҕына эһиил элбэх бородууксуйалаах сүөһүлэри аҕалыыны толкуйдуулларын миниистиргэ эттэ. Онуоха Петр Николаевич: «Хаһыакка, тэлэбиисэргэ дьон этэрин истэҕит, өрөспүүбүлүкэ таһыттан сүөһү аҕалыытынан үлүһүйэҕит, харчыны онно матайдыыгыт» — диэтэ. Дмитрий Степанович: «Сэбиэскэй былаас кэннэ племенной үлэ мөлтөөтө. Сүөһү төһө эмэ баарын үрдүнэн, бородууксуйаны биэриитэ мөлтөөтө. Ол иһин элбэх бородууксуйалаах кэлии сүөһү син биир наада» — диэн санаатын ситэрэн биэрдэ.
«Амма Бурдуга» ХЭТ бааһынатыгар сылдьан, түөрт эпэрээссийэни тэҥинэн оҥорор агрегаты көрдөрдүлэр. Агроном Владимир Олесов уонна биригэдьиир Константин Неустроев миниистиргэ хайдах быһыылаахтык үлэлиирин, туһатын туһунан ыһа-тоҕо кэпсээтилэр. Петр Николаевич бэркэ сэҥээрдэ, бэл, олорсон хайдах үлэлиирин көрдө-иһиттэ. Дмитрий Степанович салайар «Амма Бурдуга» быйылгыттан «Наука» ХЭТ кытары ыкса ситимнээх үлэни саҕалаата. Салгыы бииргэ үлэлэһэн, олохтоох суорду таһаарыыга, сиилэскэ, уотурбаҕа үлэлэһэр былааннаахтар.
Салгыы Петр Николаевич Чапчылҕаннааҕы ас-үөл кэмбинээтигэр, арҕаа дэриэбинэ бурдугу ыраастыыр комплексыгар, бэтэрэнэриийэ управлениетын саҥа лабораторнай станциятыгар сырытта. Итини сэргэ ат сүүрдэр ипподромун көрдө. Ипподрому саҥардан тутуу 2017 сылга былааннанар. Петр Николаевич улуус баһылыгар Николай Архиповка «2017 сылга тутууну былаанныыр буоллаххытына, быйыл балаҕан ыйыгар диэри бырайыаккытын оҥорторон киллэрдэххитинэ табыллар. Ыксааҥ» — диэн сүбэлээтэ.
Миниистир оробуочай бөлөҕүн Покровкаҕа «Амма» ТХПК тастан салайааччыта, «Туймаада» ФАПК сүрүн испэсэлииһэ Анатолий Ноев, хаһаайыстыба агронома Назар Черкашин уонна хаһаайыстыба урукку дириэктэрэ Ольга Огурешникова көрүстүлэр. «Амма» хаһаайыстыба бүгүҥҥү балаһыанньата лаппа уустук. Сап саҕаттан салҕанан олорор хаһаайыстыбаны өрүһүйэргэ анаан тус сыаллаах бырагыраама оҥорбуттарын Петр Николаевичка биэрдилэр. Ольга Петровна бу бырагыраамма быданнааҕыта, 2012 сыллаахха дириэктэрдии олордоҕуна Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун кытары кыттыһан оҥорбуттарын, ол эрэн олоххо киирбэккэ хаалбытын этэн туран, хаһаайыстыба билиҥҥи балаһыанньатын кэпсээтэ.
Петр Алексеев: «Амма улууһа үүккэ былааҥҥытын ааспыт сыллааҕар үчүгэйдик толорон иһэҕит. Салгыы даҕаны тэтимҥитин ыһыктыбакка үлэлиэххитин наада. Сайылыкка тахсыыгыт эмиэ тэрээһиннээх. Аны, окко киириини сөптөөхтүк тэрийэргит ирдэнэр. Баһылыктар олохтоохтору кытары мунньахтары ыытыахтааххыт. От ыйын 1 күнүттэн окко күргүөмнээхтик киирииҥ диэн көрдөһөбүт» — диэн эттэ.
This post was published on 08.06.2016 12:22 12:22