«Минэкономразвития»-ҕа солкуобай бөҕө туруктаах туруутун бүтүүтүн болдьоҕун эттилэр, суруйар «Ведомости». Манна национальнай валюта курсун ыйдааҕы борогунуоһун таһаарыытыгар сигэннилэр. Биэдэмистибэ быһаарыытынан, бэс ыйыгар солкуобай дуолларга уонна евроҕа тэҥнэһиитэ түһэн барыаҕа.
Базовай сценарийынан, ыам ыйыгар дуоллар орто курса 67,6 солк тэҥ, евро — 70,9 солк. Бэс ыйыгар иностраннай валюта бөҕөргүүр: дуоллар — 70,5 солк, евро – 74,3 солк. Иккис кыбаартал түмүгүнэн, 72,4 уонна 76,4 солк туһааннааҕынан, үһүс кыбаарталга — 74 уонна 78,6 солк, төрдүскэ – 76 уонна 81,8 солк.
Минэк кэтэһэринэн, ахсынньыга американскай валюта 76,4 солк, европейскай — 82,5 солк. Онон 2022 сыл бүтүүтэ, ыам ыйын кытта тэҥнээтэххэ, солкуобай дуолларга 13%, евроҕа – 16% сүтэрэр.
Хаартыска: «Московский комсомолец»
This post was published on 19.05.2022 11:01 11:01