«Үтүө дьыала бырагыраама чэрчитинэн, Өлүөхүмэ Заречнайыгар 60 миэстэлээх оскуола, Өймөкөөн Үчүгэйигэр оскуола тутуллар. Сорох эбийиэктэр Арктика улуустарыгар тутуллаллар», — диэтэ Афанасьев.
Ньурбаҕа оскуола-саад, Кэбээйи Сииттэтигэр дьыссаат тутуллар. Тутуу хаачыстыбата бастакы миэстэҕэ турар. Бары судаарыстыбаннай экспертизаны уонна тутуу хонтуруолун ааһаллар.
Санаттахха, эдэр исписэлиистэргэ кыбартыыралар тутуллаллар «Моя Якутия в XXI веке» бырагырааманан. Олорор дьиэлэр Абый Кэбэргэнэтигэр, Дьааҥы Баатаҕайыгар, Бүлүү Кыһыл Сыырыгар, Нам Харыйалааҕар, Өймөкөөн Өймөкөөнүгэр, Хаҥалас Тиит-Арыытыгар уонна Көрдөмүгэр, Усуйаана Туматыгар, Эбээн Бытантай Кустууругар уонна Орто Халыма куоратыгар тутуллаллар.
This post was published on 12.07.2024 10:06 10:06