«Мин Сахам сирэ — ХХI үйэҕэ» социальнай бырайыагы өрөспүүбүлүкэ баһылыга Егор Борисов Сочитааҕы форумҥа билиһиннэрбитэ. Бырайыак дьон-сэргэ болҕомтотун үөһүгэр турда. Регионнар киллэрбит 300 бырайыактарыттан 20 бастыҥ ахсааныгар киирдэ.
«Дьон кыһалҕатын бэйэтэ быһаарынарын өйүүбүт. 15 тахса сыл устатыгар үлэлээн кэлбит бырайыак ордук тыа сиригэр көдьүүстээх», — диэн кини «Страна» телеханаалга эттэ.
Ил Дархан интервьютугар тыа дьоно ханнык социальнай эбийиэктэри бэйэ күүһүнэн тутары быһаарарын, ол кэнниттэн тутуу барар сиригэр муниципалитеттар, спонсордар уонна нэһилиэнньэ фондата тэриллэрин туһунан кэпсээтэ. «Онтон олохтоох былаас өйүүр бырайыагын билиһиннэрэр. Өрөспүүбүлүкэ былааһын уоргана киирбит этиилэри ырытар уонна бүтэһиктээх быһаарыыны ылынар. Маннык сүүстэн тахса эбийиэк тутуллубута», — диэтэ кини.
«Мин Сахам сирэ — ХХI үйэҕэ» социальнай бырайыак анал аакка тигистэ. Киһи бөҕө сэҥээрдэ. Маны хайдах олоххо киллэрэбит диэн губернатордар ыйыттахтарына, мин: «Бу – дьон көҕүлээһинэ!” диэн хардарабын», — диэн Борисов этэр.