«Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт» киинэ Байкал бэстибээлин бирииһин кыайда

НВК САХА — Любовь Борисова «Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт» («Надо мною солнце не садится») киинэтэ Иркутскай куоракка буолан ааспыт «Киһи уонна айылҕа» Байкаллааҕы аан дойду киинэ бэстибээлигэр «Бастыҥ оонньуу киинэ» аат хаһаайына буолла.


Бу номинация куонкурус бырагырааматыгар 2018 сыллаахтан олохтоммут.

«Быйылгы бэстибээлгэ Россия, Кыргызтан. Норвегия, Македония, АХШ, Германия, Италия, Иран, Филиппины, Бельгия уонна Франция режиссердарын 28 киинэтэ көстүөҕэ. Үгүс киинэни ааптардар бэйэлэрэ билиһиннэрэллэр», — диэн сүүмэрдиир хамыыһыйа чилиэнэ, режиссер Анастасия Зверькова кэпсээтэ.

Режиссердар бэйэлэрин үлэлэрин «Бастыҥ документальнай киинэ», «Бастыҥ научнай-популярнай киинэ», «Бастыҥ оонньуу киинэ», «Бастыҥ уруһуйдаммыт киинэ» номинацияларынан көрдөрөллөр. Ону тэҥэ кытааччылар истэригэр анал «Байкал» бириис, эдэр дьүүллүүр сүбэ уонна көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ наҕараадалар уонна бэстибээл Гран-при хаһаайына аат оонньонор.

Сүүмэрдээһиҥҥэ кыттар киинэлэри көрүүттэн ураты бэстибээл кэмигэр билиилээх кинематографистар, учуонайдар, дьүүллүүр сүбэ, кыттааччылар араас хабааннаах маастар-кылаастара ааһыахтара.

Байкаллааҕы аан дойду киинэ бэстибээлэ 18-с төгүлүн ааһар. 2015 сылтан саҕалаан Валентина Распутина аатын сүгэр.

Источник: http://nvk-online.ru

This post was published on 24.09.2019 14:46 14:46