"Мин үлэм". Дьокуускайга дьарыктаах буолуу киинэ аһылынна

Бүгүн, тохсунньу 10 күнүгэр, Дьокуускай куоракка «Мин үлэм» диэн саҥардытыллыбыт дьарыктаах буолуу киинэ үөрүүлээх быһыыга аһылынна.


Тустаах офис Уһук-Илиҥҥи уокурук үрдүнэн соҕотох. Петр Алексеев аатынан уулуссатыгар баар буолбут саҥа эбийиэги «Дьарыктаах буолууну өйөөһүн уонна үлэ ырыынагын көдьүүһүн үрдэтии» диэн федеральнайдааҕы бырайыак иитинэн туттулар.

Саҥа киин үлэ көрдөөһүнҥэ көмө, үлэ ырыынагын туругун сырдатыы, араас идэҕэ уһуйуу уонна үлэтэ суох дьону өйөөһүн курдук 15 араас өҥөнү нэһилиэнньэҕэ оҥорор. Ону тэҥэ манна «Импульс» диэн ыччат үлэтин бииржата баар.

Саҥа киин аһыллыытыгар Ил Дархан Айсен Николаев кыттыыны ылла. Эдэр дьону үлэнэн хааччыйыы өрөспүүбүлүкэ биир сүрүн хайысхата буоларын бэлиэтээтэ, диэн НВК «Саха» суруйар.

This post was published on 10.01.2020 16:18 16:18