"Мин кыһыҥҥы Сахам сирэ" хаартыска күрэҕэ саҕаланна

«Мин кыһыҥҥы Сахам сирэ» («Моя зимняя Якутия») Ил Дархан көҕүлээһининэн сыллата ыытыллар хаартысканан күрэх саҕаламмытын туһунан Айсен Николаев бэйэтин социальнай ситимигэр иһитиннэрдэ.


«Саха сирин кыһына ураты кэрэ. Остуоруйа дойдутун курдук кыһыммыт киһини бары умсугутар күүстээх. Аныгы технологиялар көмөлөрүнэн хас биирдиибит дьиҥнээх кыһыны көрүөн баҕалаахтарга бу түгэни бэлэхтиир кыахтаахпыт. Кыһыҥҥы остуоруйаны аан дойдуну кытары үллэстиэҕиҥ», — диэн Айсен Николаев бэйэтин Instagram сирэйигэр суруйда.

Күрэххэ кыттыан баҕалаахтар бэйэлэрин социальнай сирэйдэригэр Саха сирин кэрэ көстүүлэрин #МояЗимняяЯкутия2020 уонна #MyWinterYakutia2020 диэн хештегтарынан бэлиэтээн угуохтарын сөп.

«Хаартыскаҕытын кыратык ойуулаан суруйаҕыт итиэннэ @moyazimnyayakutia2020 диэн күрэх официальнай сирэйин бэлиэтиигит. Күрэх түмүгүн ахсынньы 1 күнүгэр таһаарыахпыт. Барыгытыгар ситиһиилэри уонна кыраһыабай хаартыскалары баҕарабын», — диэбит Ил Дархан.

This post was published on 02.11.2020 11:01 11:01