Мииринэй олохтооҕо дьахтарга төрөппүт эбээһинэһин киһилии толорботун уонна оҕотун кырбыырын иһин холуобунай дьыаланы арыйдылар.Бу туһунан СИА-ҕа Саха сирин прокуратурата иһитиннэрдэ.
«Дьахтар 6 саастаах уолун кыра да буруйдаах буоллаҕына кырбыыр идэлээх. Ону таһынан, оҕону киһилии аһаппакка, сууйбакка-тараабакка сылдьбыт уонна оҕо баарыгар хаста даҕаны арыгылаабыт», — диэн биэдэмистибэҕэ чуолкайдаатылар.
Суут киниэхэ 150 чаас булгуччулаах үлэни анаата, ону тэҥэ оҕо туһатыгар моральнай буорту иһин компенсация төлүөҕэ. Дьахтары төрөппүт быраабыттан хааччахтаатылар, оҕону суут быһаарыытынан аҕатыгар биэрдилэр.