Сэтинньи 6 күнүгэр Мииринэй оройуонугар үс балыксыт сүппүтүн туһунан иһитиннэрбиттэрэ. Бүгүн икки киһи өлүгүн буллулар.
68, 69, 70 саастаах балыксыттар Чернышевскайдааҕы ууну харайар сиргэ балыктыы барбыттар. Болдьоммут кэмнэригэр сибээскэ тахсыбатахтарыгар, аймахтара ыксаан, көрдүү барбыттар. Биэрэккэ мотуордаах оҥочолоро түҥнэстэн сытарын булбуттар. Илимнэрэ мотуор салбахтарыгар иилистэн хаалбыт эбит.
Полиция, ГИМС, ЫБММС үлэһиттэрэ уонна аймахтара, барыта уонча киһи буолан, көрдөөбүттэрэ.
Билигин икки киһи өлүгүн буллулар, үһүс киһи көстө илик. Көрдөөһүн салҕанар. Силиэдэбэтэллэр быһылаан буолбут сирин көрдүлэр-иһиттилэр. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн, процессуальнай быһаарыы ылыллыаҕа.
Ангелина Васильева, Саха сирэ
This post was published on 07.11.2022 15:03 15:03