Мииринэй оройуонугар улуустар ардыларынааҕы эндокринологическай киини (МЭЦ) тэрийии туһунан доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева мунньаҕар дьүүллэстилэр. Ол туһунан биэдэмистибэ пресс-сулууспата суруйда.
Анал бөлөх Мииринэйгэ тиийэн үлэлээтэ, киин балыыһа эндокринологическай көмөнү оҥорууга кыаҕын билистилэр. Кылаабынай быраас Вера Тарасованы кытта МЭЦ былаанын уонна хааччыллыытын быһаарыстылар, исписэлиистэр квалификацияларын үрдэтиини кэпсэттилэр.
Эндокринологическай киини «Борьба с сахарным диабетом» федеральнайдааҕы бырагырааманан «Продолжительная и активная жизнь» национальнай бырайыак чэрчитинэн 2026 сылга тэрийэр былааннаахтар.
This post was published on 28.01.2025 17:02 17:02