Мииринэйгэ быыһааччылар сураҕа суох сүппүт тэллэйдьити көрдүүллэр

Атырдьах ыйын 7 күнүгэр, Мииринэй куоракка саастаах эр киһи сарсыарда эрдэ тэллэйдии барбыт уонна күн бүгүҥҥэ диэри төннө илик. Быыһааччылар суһаллык көрдүүр үлэлэри саҕалаатылар.

Эр киһи камуфляжнай таҥастаах эбит, бу көрдүүргэ ыарахаттары үөскэтэр. Атырдьах ыйын 10 күнүгэр сарсыарда уонтан тахсата тепловизордаах квадрокоптеры көтүппүттэрэ, 5 кв. км тахса сири кэрийэн түүннэри-күнүстэри көрдөөтүлэр.

Сүппүт киһин олохтоох нэһилиэнньэттэн 14 волонтер көрдүүр.

This post was published on 10.08.2022 16:13 16:13