Мииринэй улууһугар баһаарга эр киһи эмсэҕэлээтэ

Балаҕан ыйын 22 күнүгэр Миирнэй оройуонун Айхал бөһүөлэгэр 5 этээстээх элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэҕэ баһаар таҕыста. Умайбыт дьиэттэн биэс киһини эвакуациялаатылар, эр киһи эчэйбит, диэн СИА-ҕа Саха сиринээҕи ЫБМ пресс-сулууспата кэпсиир.

Баһаарынайдар кэлэллэригэр биир хос аһаҕас уотунан умайа турбут. Ол түмүгэр 1985 с. т. эр киһи эмсэҕэлээбит, 12 кв. м иэннээх хос уокка былдьаммыт, олорор дьиэни быыһаабыттар.

Буруйдааҕы уонна хоромньуну быһаара сылдьаллар. Баһаары умулларыыга барыта тоҕус киһи уонна икки СӨ ГПС баһаарынай тиэхиникэтэ үлэлээтэ.

This post was published on 23.09.2022 12:29 12:29