Мииринэй улууһугар 16 киһи ойуур баһаарын умуруора сылдьар

Саха сирин сиригэр- уотугар, ыам ыйын 17 күнүнээҕи туругунан, Мииринэй оройуонугар биир ойуур баһаара бэлиэтэммит. 1,8 гектар иэннээх баһаар Чернышевскай бөһүөлэгиттэн 14,8 км тэйиччи сытар. Баһаары түөлбэлээтилэр, билигин олоччу суох оҥорууга үлэ барар.

Ойуур баһаарын умуруорууга 16 киһи, ол иһигэр ЫБМ үлэһиттэрэ уонна олохтоох нэһилиэнньэ үлэлии сылдьар.

Санатан эттэххэ, ыам ыйын 11 күнүттэн Мэҥэ- Хаҥалас, Нам, Уус- Алдан уонна Саха лесничествотыгар уонна ыам ыйын 12 күнүттэн Амма, Таатта, Уус- Маайа, Хаҥалас уонна Чурапчы лесничествотыгар баһаартан сэрэхтээх кэм саҕаламмыта.

Саха сирин экологията өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар тыаҕа баһаартан куттал суох буолуутун ирдэбиллэрин тутуһалларыгар сүбэлиир. Ойууру харыстааһын туһунан 8-4112-44-74-76 эбэтэр ойуур харыстабылын быһаччы линиятынан 8-800-100-94-00 биллэриэххэ наада.

This post was published on 17.05.2022 10:05 10:05