Мииринэй оройуонун урукку баһылыга бэйэтин сулууспалыыр балаһыанньатынан туһанан, бөдөҥ суумалаах харчыны иҥэриммит. Кинини 3 сылга көҥүлүн быстылар, диэн Саха сирин прокуратуратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Суукка быһаарыллыбытынан, оройуон урукку баһылыгын дьиэ кэргэнин чилиэннэрэ кини көмөтүнэн муниципальнай бас билиигэ баар кыбартыыраны сокуоннайа суох ылбыттар. Кыбартыыраны 7,3 мөл. тахса солкуобайга сыаналаабыттар.
Суут Мииринэй оройуонун урукку баһылыгын 3 сыл уопсай режимнээх холуонньаҕа анаата уонна 500 тыһыынча солкуобай суумаҕа ыстырааптаата, уонна инникитин бэйэни салайынар уорганнарга дуоһунастаах үлэҕэ киирэр быраабын быста.
Буруйдаах киһи хоромньунуну толору төннөрбүт. Бириигэбэри көмүскэнэр өрүт Саха сирин Үрдүкү суутугар апеляция биэрбит. Апелляционнай үҥсүү көрүллүүтүн түмүгэр өрөспүүбүлүкэ прокуратурата позициятын учуоттаан, суут быһаарыытын уларытыыта суох сокуоннай күүһүгэр киирдэ.
This post was published on 07.10.2022 11:03 11:03