Мииринэй оройуонугар улахан ойуур баһаарын тохтоттулар

Хаартыска: ЯСИА саайта

Кэнники сууккаҕа баһаарынай сулууспата көдьүүстээх үлэтинэн Мииринэй лесничествотын иһигэр 1 156 га иэннээх улахан ойуур баһаара тохтотулунна. Муниципальнай тэриллиигэ ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ түмүктэннэ. Маннык информацияны регион оперативнай штаба биэрэр.

Эдьигээн оройуонугар 1,3 тыһыынча гектартан тахса уопсай иэннээх биир ойуур баһаара умуруорулунна. Ол кэмҥэ мониторинг кэмигэр Дьааҥыга сэттэ гектар иэннээх ойуур баһаара баара бэлиэтэннэ.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн суукка саҕаланыытыгар Дьааҥы, Бүлүү, Үөһээ Халыма, Кэбээйи, Эдьигээн, Мииринэй, Өлүөхүмэ, Өлөөн, Уус Алдан, Орто Халыма уонна Томпо оройуоннарыгар 14 781 гектар иэннээх 23 ойуур баһаара баар.

Ойуур баһаарын утары охсуһууга 508 киһи уонна 5 техника үлэлиир. Авиапатруллааһыҥҥа 15 борт, умуруорууга 3 борт былааннанар.

Баһаар турара кутталлаах сезон саҕаланыаҕыттан ойуур пуондатын сиригэр уопсай иэнэ 162 482 га 350 баһаар тохтотуллубут.

Саха сирин баһылыгын ыйааҕынан 2025 сыл бэс ыйын 5 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар анал баһаартан сэрэхтээх эрэһиим киллэриллибитэ. Маны сэргэ Өлүөхүмэ, Чурапчы, Уус Алдан уонна Эбээн-Бытантай оройуоннарыгар, ону тэҥэ Жатайга баһаартан утары ураты эрэһиимнэр олохтоммуттара. Ойуурдарга ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ Уус Алдан оройуонун сиригэр-уотугар үлэлиир.

Сезон саҕаланыаҕыттан айылҕа баһаарын 73 буруйдааҕа билиннэ, ойуурдарга баһаартан куттал суох буолуутун быраабылатын кэһии иһин 152 боротокуол оҥоһулунна.

Айылҕа баһаарын буллахха, тута ойуур хаһаайыстыбатын регионнааҕы диспетчерскэй сулууспатыгар төлөпүөнүнэн: 7-4112-44-74-76. Ойуур харыстабылын биир кэлим нүөмэригэр эмиэ эрийиэххэ сөп: 8-800-100-94-00.

This post was published on 01.09.2025 14:03 14:03