Мииринэй оройуонугар сүппүт үһүс балыксыты булуу салгыы көрдүүллэр. Көрдөөһүҥҥэ быыһааччылар, ГИМС инспектора, полиция уонна волонтердар үлэлии сылдьаллар диэн быыһыыр сулууспаҕа иһитиннэрдилэр.
Ол курдук, сэтинньи 7 күнүгэр быһылаан миэстэтигэр «Полярные авиалинии» авиахампаанньа Ми- 8 бөртөлүөтүн көтүппүттэрэр эрээри, туох даҕаны түмүгү биэрбэтэҕэ.
«Сүппүт киһини ойоҕоһунан обзордаах гидролокатор көмөтүнэн көрдүүллэр. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар куттал суох буолуутун быраабылатыгар эппиэтинэһэ суох сыһыан трагедияҕа тириэрдиэн сөбүн санатабыт», — диэн бэлиэтиир Ньурбатааҕы көрдүүр- быыһыыр этэрээт начальнига Афанасий Ноев.
Санатан эттэххэ, Мииринэй оройуонугар үс балыксыт Бүлүү өрүһүнэ моторнай лодкаҕа айаннаан иһэн сүппүттэрэ. Кинилэр олохтоммут кэмҥэ аймахтарын кытта сибээскэ тахсыбатахтара. Сэтинньи 6 күнүгэр көрдүүр-ирдиир үлэ кэмигэр быыһааччылар икки эр киһи өлүгүн булбуттара. Үһүс киһилэрин билигин даҕаны көрдүүллэр.
This post was published on 09.11.2022 16:03 16:03