Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр өссө биир ойуур баһаарын Мииринэй оройуонугар умуруордулар.
От ыйын 22 күнүн сарсыардатыгар өрөспүүбүлүкэ территориятыгар уон ойуур баһаара баар, уопсай иэнэ 1462,5 га. Алта оройуоҥҥа: Дьааҥыга, Үөһээ Бүлүүгэ, Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Бүлүүгэ, Сунтаарга.
Умуруорууга 306 киһи уонна 14 техника кыттар.
Санаттахха, Саха сиригэр бэс ыйын 5 күнүттэн оһуобай баһаары утары эрэһиим олохтоммута.
This post was published on 22.07.2025 18:03 18:03