Мииринэй оройуонугар скутер кыттыылаах суол саахала таҕыста, икки сокуоннай саастарын ситэ илик оҕо эчэйдэ. 17 саастаах скутер суоппарыгар техниканы ыытар бырааба суох. Ол туһунан ГИБДД телеграм-ханаала суруйда.
Барыллаан быһаарыллыбытынан, бэс ыйын 4 күнүгэр сарсыарда скутеры ыытан испит 17 саастаах уол утары балаһаҕа тахсан, массыынаҕа кэтилиннэ.
Саахал түмүгэр скутер суоппара төбөтүгэр эчэйии ылла, өйүн сүтэрдэ, оннук туруктаах Удачнайдааҕы балыыһа реанимациятын отделениетыгар киирдэ. Кини 17 саастаах пассажира тобугун өлөрдө, стационарнай эмтэниигэ киирдэ.
Массыына суоппара эчэйбэтэ, итирдэр утаҕы испэтэх, харыстыыр курунан иилиммит. B, B1, C, C1, D, D1 категориялаах бырааптаах.
This post was published on 05.06.2024 15:27 15:27