«Экология» национальнай бырайыак иһинээҕи «Ыраас дойду» бырайыак көмөтүнэн 2022 сылга Мииринэй, Ньурба, Бүлүү уонна Дьокуускай куорат сыбаалкаларын суох оҥоруохтара. Бу туһунан ТАСС СӨ айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр сигэнэн суруйар.
«Дьокуускай Бүлүүлүүр суолун 9-с км баар 31,8 га иэннээх полигону ыраастааһыҥҥа 798 мөл солк наада. Эһиил туһааннаах сууммаҕа дойду министиэристибэтигэр сайаапка түһэриэхпит», — диэн СӨ айылҕа харстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
127 га иэннээх Ньурбатааҕы сыбаалканы 2023-2024 сылларга ыраастыыр сорук турар. Бүлүү, Мииринэй 7,13 уонна 11,7 га иэннээх сыбаалкаларын 2024 сылга ыраастыахтара. Үлэ бырайыага эһиил оҥоһуллуо. «Үлэ былаанын олохтоох бүддьүөт суотугар оҥоруохтара: Дьокуускайга ити сыалга — 11,35 мөл солк, Бүлүүгэ — 8,36 мөл, Ньурбаҕа — 17,58 мөл, Мииринэйгэ — 8,2 мөл солкуобай наада», — диэтилэр министиэристибэҕэ.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1,4 тыһ. га иэннээх сиргэ 460-тан тахса сыбаалка баара биллэр. Итинтэн Нерюнгри, Удачнай, Ленскэй, Дьокуускай куораттарыгар, Светлэй, Чернышевскай уонна Айхал бөһүөлэктэригэр баар сыбаалкалар судаарыстыбаннай реестрга киирэн сылдьаллар. Реестрга киирбэтэх сыбаалкалары суох гынар сорук турар.