От ыйын 16 күнүгэр Саха сиригэр 251 ойуур баһаара умайар, онтон 75-н умуруораллар. Бу туһунан сарсыардааҥҥы суһал ыстаап иһитиннэриитигэр СӨ нэһилиэнньэ олоҕор куттал суох буолуутун кэмитиэтин салайааччытын бастакы солбуйааччы Иннокентий Андросов биллэрдэ. Кини уустук балаһыанньа өрөспүүбүлүкэ үс оройуонугар бэлиэтэнэрин эттэ.
«Мииринэй улууһун Светлэй, Сүлдьүкээр, Горнай Дьиикимдэ, Күөрэлээх нэһилиэктэригэр түөрт ойуур баһаардара нэһилиэктэн 5 килэмиэтирдээх сирдэргэ умайаллар. Бэҕэһээ Бе-200 уонна Ил-76 сөмөлүөттэр Сүлдьүкээргэ ситиһиилээхтик үлэлээтилэр. Бүгүҥҥү күннээҕи дааннайынан, хотугулуу-илин баһаардар умуллубуттар», — диэтэ Иннокентий Андросов.
«Горнай Маҕараһынааҕы уот ураты болҕомтоҕо турар. Бэҕэһээ балаһыанньаны миэстэтигэр Ил Дархан Айсен Николаев билсибитэ. Ити киэһэ уоту умулуннарыыга эбии көмө быраҕыллыбыта. Бүгүн уу кутар бөртөлүөттэр үлэлиэхтэрэ, оччотугар кун устата балаһыанньа тупсуо», — диэтэ кини.
Итини таһынан Иннокентий Андросов уустук балаһыанньа Сунтаар улууһугар баарын иһитиннэрдэ.
This post was published on 16.07.2021 11:05 11:05