Дьылҕаны быһа түспүт, санаа хоту олоҕун суолун уларыппыт киһи баарын оччоттон баччаҕа диэри бу диэн чопчу билбиппит, истибиппит суох. Киһи олоҕун бэйэтэ оҥостор дииллэр эрээри, хайа да түгэҥҥэ Дьылҕаны быһа түспүт, оннуттан уларыппыт суох. Бүгүҥҥү дьоруойдарбыт – Далыр нэһилиэгин биир эдэр, тутаах, элбэх оҕолоох ыала. Биэс оҕо — бары муус устар ыйы талан күн сирин көрбүттэр. Айыыһыттара оннук алҕаатаҕа.
Михайловтар — эдэр ыал. Далырга тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанан, төбөнөн 9 сүөһүлээхтэр, ол иһигэр 4 ыанньык. Сэттэ сылгылаахтарыттан алтата — биэ. Ыал ийэтэ Марфа Гаврильевна олохтоох оҕо саадыгар иитээччи, аҕалара Геннадий Васильевич харабыл. Кинилэр тустарынан кылгастык билиһиннэрдэххэ итинник. Эмдэй-сэмдэй көрбүт 5 оҕолоохтор, кыра кыыстара биир ыйын туола илик.
— Эдэр дьон маннык олохтоохтук дьаһанан олороргутун көрөн киһи үөрэр. Билиҥҥи ыччат сайдыылаах куорат диэки талаһара үгүс. Эһиги тыаҕа олохсуйан олороргут хайҕаллаах.
-Тыаҕа төрөөбүт киһи дойдутуттан ыраатыан баҕарбат эбит. Билиҥҥитэ ханна да көһөр, олохсуйар санаа суох. Кэргэним олох айылҕа киһитэ, булчут буолан, ханна эрэ таас куоракка күспөтүн чопчу билэбин. Төрөөбүт дойдубутун быраҕан, атын сиргэ көһөн барыахпытын баҕарбаппыт. Дойдубутун олус таптыыбыт. Оҕолорбутун эмиэ төрөөбүт дойдуларын үрдүккэ тута, күндүтүк саныы, киэн тутта улааталларын курдук иитэбит. Сороҕор, биирдэ эмит оҕолор улаатыыларын саҕана, куорат диэки көһөрбүт дуу диэн кэпсэтиилэр тахсаллар эрээри, ол онно умнуллар, дьиэ түөрт эркиниттэн тахсыбат. Тыа сирин, тыа сирин олоҕун, бу наскыйа хамсыы турар күөх суугуну олус сөбүлүүбүт…
Биэс оҕолоох ыал оҕо иитиитигэр син балачча этэрдээххит буолуо дии саныыбын…
— Оҕону улэҕэ эппиэтинэстээх буоларга үөрэтии – кини киһи быһыытынан хатарылларыгар тирэх буолар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн айылҕаҕа-сиргэ, дьиэҕэ-уокка, сахалыы тыыҥҥа үөрэтии, үлэннэн иитиигэ бэйэ уопутугар олоҕуран, өбүгэлэрбит үгэстэрин тутуһан иитэбит-такайабыт. Оҕо кыра эрдэхтэн дьарыктаах буоллаҕына толкуйдуурга үөрэнэр, элбэҕи сатыыр, олоххо бэйэтин миэстэтин тирэхтээхтик булар дии саныыбын. Онон үлэнэн иитии күүһэ – билиҥҥи кэмҥэ саамай тоҕоостоох. Үлэ оҕо быһыытын-майгытын чочуйар. Үлэҕэ эриллибит оҕо иллэҥ кэмэ суох буолан, онно- манна мэнээктээбэт, бэйэтин туттунар, сэмэй буоларга үөрэнэр. Үлэһит оҕо олох ыарахаттарын чэпчэкиттин аһарынар, тирээн кэлбит кыһалҕалары судургутьук быһаарар буолар. Бэйэтин саастыылааҕар чорбойон, холобурга сылдьар, лидер буолуон сөп.
Таах даҕаны тыа эрэ сиригэр оҕону үлэҕэ сыһыарыы көстөр, үлэнэн иитии хайа да өттүнэн сүүйүүлээх буолар. Улаатан баран төрөппүттэригэр махтанар түгэннэрин билэбин.
— Биһигини дьоммут кыра эрдэхпититтэн тэҥҥэ илдьэ сылдьан араас үлэҕэ сыһыарбыттара. Билигин төрөппүттэрбит үгэстэрин салҕаан, кинилэр тэриммит кэтэх хаһаайыстыбаларын илдьэ сылдьабыт. Ол курдук, кыра эрдэхпиттэн араас үлэҕэ, тиэхиньикэҕэ сыһыарбыт тапталлаах таайбар Юрий Гаврильевичка мунура суох махтанабын, ийэм Раиса Гаврильевна билиҥҥи кэмҥэ сүбэ- ама, күүс – көмө буолан абырыыр. Тус бэйэм тиэхиньикэ арааһын барытын ыытабын, сайын от буоллун, кыһын мас буоллун барытыгар тиэхиньикэ эрэ абырыыр. Кыһалҕа тирээтэҕинэ алдьаммытын – кээһэммитин көрүнүөхпүн, оҥоруохпун сөп. Тиэхиньикэлэрбит алдьаннылар да кэргэмминээн икиэн оҥостобут. Оҕолорбут атахтарыгар туран, элбэх эрэйи көрсүбэттэрин курдук дьонум биһигини хайдах ииппиттэрэй да оннук хайысхалаахтык иитэбит. Ол курдук, оҕолорбут саас мас мастаан, дьиэҕэ оттук мас кыстаан, муус киллэрэн, хайдыбыт мас тырыынкатын чыыппаан гына хомуйан, биһиэхэ көмөлөрө үгүс. Сайынын сибэккинэн тиэргэммитин киэргэтэбит, оҕолорбут сайын устата оҕуруокка, сибэккилэргэ уу кутан көмөлөһөллөр. Сайынын от оттоон, сүөһүлэрбит кыстыыр отторун булабыт. Окко да оҕону мээнэ хаалларбакка, кыралаан үөрэтэн, кыраабыл туттаран, кылгас кэмнэ от харбаһан көмө буолаллар. Ону таһынан дьиэ иһинээҕи түбүккэ оҕолор иһит сууйсан, муоста харбаһан, ас астаһан, аҕалара бултаан кэлбит булдун, кус үргэһэн, көмөлөрө элбэх. Сайыҥҥы түбүк бүппүтүн кэннэ аны кыстыкка бэлэмнэнии тиийэн кэлэр. Тыа сиригэр олорорбут быһыытынан сылы эргиччи үлэ үөһүгэр сылдьабыт. Тыа киһитин түбүгэ бүтэр уһуга көстүбэт, ис иһиттэн үллэ турар.
”Оҕо курдук сүгэһэр – дьоллоох дьоҥҥо бэриллэр” диэн саха бэргэн этиитэ баар. Элбэх оҕолонуу – чахчы үрдүк дьол буоллаҕа…
— Дьолбут – оҕолорбутугар. Улахан дьиэ кэргэҥҥэ улааппыт оҕо ордук аһаҕас, амарах, киэҥ көҕүстээх, аһыныгас буолар дии саныыбын.
Ханнык баҕар тиэхиньикэни ыытар кыахтааххын инники этэн аһарбытыҥ. Оччоҕо мин ыал ийэтэбин, биэс оҕолоохпун диэн баран тыылла сыппат, мас үлэтиттэн толлон турбат хоһуун дьахтар эбиккин.
— Оннук. Сайын ходуһаҕа икки тыраахтыр үлэлиир, Т-25-нэн кэргэним от оҕустарар кэмигэр мин стиль охсорунан кытыы сирдэри оҕустарабын. Мунньууга олоробун, кээһиигэ бөлөрүүһүнэн кээһэбит, ол кэмҥжэ мин Т-25 тыраахтырынан бугун оннун харбаттарабын. Сүрэх уонна баҕа эрэ наада.
Тус бэйэм Михайловтары ураты тыыннаах дьиэ кэргэнинэн ааҕабын. Бу ыал туһунан суруйан саҕалыырбар хайдах, хайа өрүтүн чорботон суруйуохпун билбэтэҕим. Саҕаланыаҕыттан оҕолору эрэ ойуччу тутан сонурҕаатахха – бу суруйуум ис хоһооно кыараҕас, уота-күөһэ, кырааската суох курдук буолуох курдуга. Дьиктиргии, сөҕө-махтайа истибитим диэн Михайловтар 5 оҕолоро бэһиэн бары муус устар ыйга төрөөбүттэр! Биир ыал оҕолоро бары биир ыйга күн сирин көрбүттэрин эн, ааҕааччы истибэтэх буолуохтааххын. Улахан кыыс Сайыына 2010 сыл муус устар 26 күнүгэр, Сандал 2011 сыл муус устар 8 күнүгэр, Арина 2017 сыл муус устар 19 –гар, Артем 2019 муус устар 25 – гэр, итиэннэ кыра кыыс Туйаара бу сыл муус устар 21 күнүгэр күн сирин көрдө. Ыал ийэтиттэн оҕолор төрөөбүт күннэрин хайдах бэлиэтиигит диэн ыйыппыппар барытын тус туһунан, бэйэлэрин күннэригэр бырааһынньыктыыллар диир.
Муус устар ый – Айыыһыт ыйа. Айылҕа тиллэр, саҥа олох саҕаланар кэмигэр айыыһыттартан биэс оҕону бэлэхтэппит Михайловтар дьиэ кэргэттэригэр сир үрдүгэр баар бары кэрэни, чиҥ туругу, дьолу эрэ баҕарыахха. Этэҥҥэ буолуҥ!