Саха сирин бастакы бэрэсэдьиэнин огдообото Дора Никитична Михаил Николаевы кытта бырастыылаһыыга ыал буолбут күнүн туһунан кэпсээтэ. Кинилэр с65 сыл анараа өттүгэр холбоспуттар.
«Мин Уус Алдаҥҥа барыахтаах этим, кини — үөрэххэ. Онуоха кини: «Ыал буолуохха, эн манна хаалыаҥ, онтон мин барыахпын баҕарбаппын, баҕар кэлин көрсүөхпүт суоҕа», — диэбит. Кини ийэтэ Мария Михайловна сельсовет сэкирэтээрин ыҥырбыт. Онуоха сэкирэтээр докумуоннары барытын илдьэ кэлэн: «Михаил, былааҥканы бэйэҥ толор, оттон мин бэчээти туруоруом», — диэбитэ. Ол курдук холбоспуппут, сыбаайбата эҥин суох. Михаил 65-с сылбытын аҕыйах күнүнэн көрсүбэтэ, атырдьах ыйын 29 күнүгэр ыал болбуппут», — диэн Дора Николаева үллэһиннэ.
Кини Михаил Ефимович Москваҕа көһөн да баран сотору-сотору төрөөбүт дойдубар кэлэ-бара сылдьарын, норуокка мэлдьи чугас буоларын бэлиэтээтэ
This post was published on 08.08.2023 18:06 18:06