Саха сирин Ил Дархана Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнин Михаил Николаев аатын үйэтитэр туһунан ыйааҕы таһаарда, Саха сирэ суруйар.
Докумуоҥҥа бэҕэһээ, Михаил Николаев төрөөбүт күнүгэр, илии баттанна.
«Михаил Николаев личность быһыытынан киэҥ хабааннаах. Бастакы Бэрэсидьиэн Саха сирин уонна Арассыыйа Федерациятын судаарыстыбаннаһын уонна социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын конституционнай төрүтүн үөскэтиигэ кылаата муҥура суох. Бу ыйаах кини нэһилиэстибэтин кэлэр көлүөнэлэргэ харыстааһыҥҥа төһүү буолуоҕа«, — диэтэ Айсен Николаев.
Ыйааҕынан М.Е.Николаев аатыгар «Во славу и пользу Республики» Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэлиэтэ олохтонно. Дьокуускай Киин уокуругар М.Е.Николаевка пааматынньык туруоруллуоҕа. Оттон төрөөбүт дойдутугар Өктөмҥө мемориальнай комплексы тутуохтара.
Сыл ахсын Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын күнүгэр Өктөм нэһилиэгэр үөрүүлээх тэрээһин буолуоҕа. Хаҥалас оройуонугар «Ленский край» научнай-технологическай кластер тэрийэр баҕалаахтар. Москваҕа «Бэс чагда» санаторийга Бастакы Бэрэсидьиэн М.Е.Николаев аата иҥэрилиннэ, оттон Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэҕэ кини аатынан сааланы арыйыахтара.
«Билиигинэн кыайыаҥ!» диэн истипиэндьийэтэ судаарыстыбаннай статуһу ылла. Ону сыл ахсын сэтинньи 13 күнүгэр туттарыахтара.
Азия оҕолоро» оонньуу саамай эдэр кыайыылааҕар М.Е.Николаев Кубога олохтонно.
Бастакы Бэрэсидьиэммит туһунан киинэ уһуллуоҕа.
Дьокуускай дьаһалтатыгар Автодорожнай уулуссаны М.Е.Николаев проспегар уларытарга үлэни тэрийэргэ сорудахтанна.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата