«Саха сирэ» хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Чокуур Гаврильев бу сырыыга “Сэмсэ санаа” биэриигэ СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоровтыын тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын, оттооһун, үүтү туттарыы, оҥорон таһаарыы туһунан кэпсэттэ.
Оттооһун
– Михаил Викторович, оттооһуҥҥа былырыыҥҥы курдук балаһыанньа эмиэ сытыырхайда. Уһун ардахтар түһэн ходуһалар ууга бараннар, аны сорох улуустарга аһыҥа буулаан, билиҥҥитэ былаан 77% туолла. Ханнык улуустарга быһыы-майгы ордук тыҥааһыннааҕый уонна туох көмө оҥоһуллуоҕай?
– 408 тыһ. т оту оттоотохпутуна, атын сиртэн атыыласпакка, бэйэбитин хааччынан, кыстыгы этэҥҥэ туоруур кыахтаахпыт. От үүнүүтэ улуустарга сүнньүнэн куһаҕана суох этэ. Ол гынан баран, сорох оройуоннарга, ол иһигэр Чурапчыга, кыралаан Мэҥэ Хаҥаласка итиэннэ абына-табына Ньурбаҕа, Сунтаарга аһыҥа турбута. Биһиги дьиҥэр өҥ дьылга суоттанан, этэҥҥэ оттуохпут диэн эрэх-турах санаалаах этибит. Ол эрээри атырдьах ыйыгар элбэх сөҥүү түһүүтэ бэлиэтэнэн, оттооһуҥҥа кэккэ уустуктары көрсүбүппүт. Бу иннинэ, Үөһээ Дьааҥыга ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ үөскээн, ити улууска быһыы-майгы тыҥааһыннаах буолуоҕун сэрэйбиппит. Маны таһынан, ойуур баһаардарын содулларыттан Кэбээйигэ, Горнайга уонна да атын улуустарга ходуһаларга уу киирэн, отчуттар үлэлэрин харгыстаста. Ааспыт нэдиэлэтээҕи туругунан, оттооһуҥҥа былаан 77% туолан, 342 тыһ. т оттоннубут. Сиилэһи этэр буоллахха, 69% толорон, 28 тыһ. т. тахса сиилэһи уктубут. Сенаж 5 тыһ. тахсаны бэлэмнээтибит.
– Оттооһуҥҥа былырыыҥҥы көрдөрүү хайдах этэй? От тиийбэккэ ыаллаһа олорор эрэгийиэннэртэн атыылаһан аҕалбыппыт.
– Ааспыт сылга быһа барыллаан, эмиэ быйылгы курдук этэ. Быйыл отунан хааччыллыыга тастан көрдөспөккө, барытын өрөспүүбүлүкэ иһигэр быһаарыахтаахпыт. Балаҕан ыйыгар күн-дьыл туран биэрдэҕинэ, былааммытын саатар 85% толорор соруктаахпыт. Эмсэҕэлээбит улуустарга сүөһү аһылыгын эбии аҕалыыга, Ил Дархан Айсен Николаев, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко таһымыгар кэккэ мунньахтары ыытан өйөбүл ыллыбыт. Улаханнык эмсэҕэлээбит улуустарга – Дьааҥыга, Кэбээйигэ, Бүлүү улууһун ыраах нэһилиэктэригэр, Горнай улууһун, Өлүөхүмэ улууһугар сүөһү эбии аһылыгын (концентрированнай аһылыгы) тиэрдии соруга турар. Оттооһун бүппүтүн кэннэ, сүөһү аһылыга төһө тиийбэтин ааҕынан баран, улуустарга көмө тыырыллыаҕа.
– Ил Дархан мобильнай биригээдэлэри тэрийиэххэ, бу сүнньүнэн үлэни күүскэ ыытыахха диэн турар.
– Билиҥҥи туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ 208 мобильнай биригээдэ оттуу сылдьар. Былааммыт 50-ча тыһ. туонна. Бүгүҥҥү туругунан 23 тыһ. 600 т от оттонно. Былаан 44% туолла. Мобильнай биригээдэлэр эмсэҕэлээбит улуустарга көмөлөһөр сыаллаах тэриллибиттэрэ. Бу үлэҕэ саамай көхтөөх улууһунан Чурапчы буолар. Чурапчылар Уус Маайаҕа, Аммаҕа. Хаҥаласка, Мэҥэ Хаҥаласка, Дьокуускай куорат таһыгар баран оттууллар. Былырыын чурапчылар мобильнай биригээдэ тэринэн Амур уобалаһыгар баран, 2 тыһ. т оттообуттара.
– Ыраах сиртэн оту тиэйэн аҕалыыга судаарыстыбаттан көмө көрүллэр дуо?
– Оттооһун үлэтэ түмүктэммитин кэннэ, ааҕынан-суоттанан баран, суол турбутун кэннэ, оту тиэйэн аҕалыы ороскуотун толуйууга үп-харчы көрүөхпүт. Манна бырабыыталыстыба анал уурааҕа баар. Ол чэрчитинэн биһиги үбү улуустарга тиэрдэбит. Салгыы бэйэлэрэ балаһыанньа оҥороннор, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччыларга отторун төһө ыраахтан аҕалбыттарын көрөн, харчыларын тыыраллар.
Бэйэ бурдуга
– Барыта күн-дьыл туругуттан тутулуктаах эбит. Аны бэйэ бурдугун, оҕуруот аһынан хааччыллыы туһунан кэпсэтиэххэ. Быйыл бу салааҕа быһыы-майгы хайдаҕый?
– Бурдук үүннэриитинэн Саха сирэ син уруккуттан дьарыктанар. Быйыл быһа барыллаан 10 тыһ. 600 га сиргэ бурдук ыспыппыт. Бурдугу ыһыынан аҕыйах улуус дьарыктанар. Холобур, Амма, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Сунтаар, Ньурба, Өлүөхүмэ улуустара. “Сахазернопродукт” тэрилтэ хас да сыллааҕыта моҥкурууттаан, билигин комбикорму өрөспүүбүлүкэ таһыттан аҕалабыт. Ол эрээри кэнники сылларга улуустар кыралаан комбикорму бэйэлэрэ бэлэмниир буоллулар. Холобур, былырыын Амма уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустара бэйэлэрин бурдуктарынан биирдии тыһыынча кэриҥэ комбикорму оҥорон, бэйэлэрин хаһаайыстыбаларыгар чэпчэки сыанаҕа атыылаабыттара. Бу хайысхаҕа Сунтаар улууһа ылсар санаалаах. Иккиһинэн, Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката көтөрдөрүгэр анаан 10-тан тахса тыһ. т комбикорму оҥорор. Уоннааҕылар бары Амурскай уобаластан, Новосибирскайтан, Алтайтан аҕала олороллор. Мин билэрбинэн, комбикорму аҕалыынан өрөспүүбүлүкэ биэс чааһынай тэрилтэтэ уонна “Туймаада” ҮАПХ дьарыктанар.
Аһынан-үөлүнэн хааччыллыы
– Бу саас ордук саахар, бурдук сыаната үрдээбитин таһынан, “дэписсиит” буола сылдьыбыта. Онон, күннэтэ кэриэтэ нэһилиэнньэҕэ анаан төһө таһаҕас кэлбитин, төһө саппаас ас-үөл баарын туһунан отчуоттуур этиҥ. Билиҥҥитэ быһыы-майгы лаппа тубуста быһыылаах.
– Балаһыанньа этэҥҥэ. Бастатан туран, биһиги Уһук Хоту сытар эрэгийиэн буоларбыт быһыытынан уонна хоту таһаҕаһы тиэйиигэ эрдэттэн бэлэмнэнэр буоламмыт, дьоҕус уонна орто биисинэс өттүттэн эрдэ дьаһаныы баар. Олунньу 24 күнүттэн байыаннай анал эпэрээссийэ саҕаланыаҕыттан итиннэ улахан күчүмэҕэйдэр үөскээбиттэрэ. Ол эрээри биһиги урбаанньыттарбыт табаардарын эрдэттэн хааччынан, холобур, күһүн суол хаайыытын саҕана таһаҕастарын эрдэ аҕалаллар. Ити биирэ. Иккиһинэн, муус устар ортотуттан суолбут сабыллар буолан, урбаанньыттар табаардарын эрдэттэн сайаапкалаһан аҕалтараллар. Ол да буоллар, кулун тутарга өрөспүүбүлүкэҕэ Ил Дархан сорудаҕынан, анал суһал ыстаап тэриллибитэ. Төһө таһаҕас кэлиэхтээҕин чопчулаан, барытын ааҕан-суоттаан, урбаанньыттары кытары ыкса үлэлэспиппит. Таһаҕас тимир суолга киириэҕиттэн быһаччы барытын хонтуруоллаан олорбуппут. Арассыыйа үрдүнэн логистика, тиэйии-таһыы үлэтэ төрдүттэн уларыйан, кырдьык ыарахаттары көрсө сылдьыбыппыт. Урукку өттүгэр табаар үбэ төлөннө даҕаны, үс күнүнэн кэлэр эбит буоллаҕына, бу саас икки нэдиэлэҕэ тиийэ тардыллыы буола сылдьыбыта. Билигин эмиэ барыта хонтуруолланар. Суһал ыстаап үлэлиир. Нэдиэлэ ахсын суһал дааннайдары тута олоробут. Онон 60-70 хонукка тиийэр сүрүн бородууксуйа уоптабай да, биирдиилээн да атыылааччыларга баар.
– Итиннэ дьон-сэргэ айманымыан наада. Үүнэ-тэһиинэ суох, куулунан бурдугу, саахары атыыластахха, саппаас да хапчыйар ини…
– Манна биири этиэм этэ. Арассыыйа тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччылара, чуолаан саахары, бурдугу оҥоруу кээмэйин төһө эмит улаатыннардылар. Арассыыйаҕа арай ынах этинэн эрэ улаханнык хааччыммакка олоробут. Мантан атыны, түргэнник ситэр салаа бородууксуйатын – сибиинньэ, куурусса этинэн, сымыытынан толору хааччынабыт. Ас-үөл кырыымчык буолуо диэн нэһилиэнньэ долгуйуо суохтаах.
– Онтон дьэ сыанабыт хайдах буолуой?
– Үрдээһин баарынан баар. Ол гынан баран Уһук Илин эрэгийиэннэрин кытары тэҥнээтэххэ, биһиэхэ үрдээһин бырыһыана олох кыра. Тоҕо диэн ыйытыы үөскүүр. Ил Дархан сорудаҕынан бырабыыталыстыба өттүттэн түргэн быһаарыылар ылыллыбыттара. Чуолаан үбүлээһиҥҥэ, таһаҕаһы тиэйиигэ, урбаанньыттары өйөөһүҥҥэ ураты болҕомто ууруллубута. Бастатан туран, УСН систиэмэтинэн нолуок төлүүр урбаанньыттарга нолуок ыстаапкатын бырыһыана кыччатыллыбыта. Муҥутуур кыра нолуок оҥоһуллан, урбаанньыттарбыт биһиэхэ олус махтаналлар. Иккиһинэн, Урбаан пуондатын нөҥүө үп-харчы көрдүбүт. 3-5% сойуому Саха сирин урбаанын пуондата биэрэр буолбута. Аны хоту социальнай суолталаах табаары тиэрдэр “Якутоптторг” тэрилтэҕэ субсидия бэриллибитэ. Бу бурдук уонна да атын да ас-үөл сыанатын оннунан тутууга.
Хоту таһаҕаһы тиэйии
– Хотугу таһаҕаһы тиэйиигэ киирдэххэ, былырыын Атыы-эргиэн, логистическай кииннэрэ аһыллыбыттара. Бу соторутааҕыта ыытыллыбыт Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр өссө 13 киини аһар туһунан эттилэр. Бу маннык кииннэр төһө көдьүүстээхтэрий?
– Атыы-эргиэн, логистическай кииннэр урут эмиэ бааллар этэ. Холобур, “Холбос” потребсойуус систиэмэлэрэ, улуустардааҕы тэрилтэлэр. Ол гынан баран ааспыт үйэ 70-80-с сылларыгар тутуллубут ыскылааттар эргэрэн, саҥа эбийиэктэри тутуу олох ирдэбилэ буолла. Онон дьэ туруорсан, бастаан Абый улууһун Белай Горатыгар уонна Усуйаанаҕа өрөспүүбүлүкэ үбүн суотугар логистика кииннэрин туттубут. Салгыы РФ бырабыыталыстыбатыгар логистическай кииннэри тутуу боппуруоһун туруорсан, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан стратегияҕа киирэн, федеральнай үбүлээһин быйылгыттан көрүллэр буолла. Быйыл биэс эбийиэккэ 350 мөл. солк. көрүллэн, Халыма улуустарыгар, Булуҥҥа, Эдьигээҥҥэ тутуллуоҕа. Былаан быһыытынан эһиил, муус устар 1 күнүгэр, номнуо үлэҕэ киллэриэхтээхпит. Итиэннэ хоту улууска таһаҕас илдьэн баран, төттөрү кураанах кэлбэт курдук, анарааттан бородууксуйаны аҕалыы боппуруоһа быһаарыллыахтаах. 2024 сылга түөрт атыы-эргиэн, логистическай киини үлэҕэ киллэриэхтээхпит. Билигин бырайыактааһын, бэлэмнэнии үлэтэ барар эрээри, Эбээн Бытантайга, Өлөөҥҥө, Дьааҥыга уунан тиийэр усулуобуйа суох. Онон, кыһыҥҥы суолунан тиийэр эрэ кыахтаахпыт. Үбүлээһини эрдэ учуоттаан, суол баарына эрдэ матырыйаалын ыытыахтаахпыт.
– Атын субъектарга маннык кииннэр бааллар дуо?
– Суох, ити биһиэхэ эрэ баар. Биһиги бастакы буолабыт. Бу соторутааҕыта ити боппуруоһу вице-премьер Юрий Трутневка Камчатка салалтата туруорса сылдьыбыта.
– Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорумҥа хоту улуустарга таһаҕаһы таһыы сокуонун барылын ырытыы көрүллүбүтэ. Онно Ил Дархан Айсен Николаев сокуон хайаатар да үбүнэн-харчынан бигэргэтиллиэхтээҕин, хас биирдии пуун чопчу буолуохтааҕын этэн турар. Бу боппуруоһунан быһаччы үлэлэһэ сылдьар киһи быһыытынан тугу этиэҥ этэй?
– Дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин сорудаҕынан, Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы министиэристибэтэ хотугу таһаҕаһы тиэйии боппуруоһунан дьарыктанар. Биһиги туһааннаах министиэристибэни кытары ыкса үлэлэһэбит. Арктика субъектарынан уопсайа 3 мөл. т тахса таһаҕас кэлэр. Мантан балтараа мөлүйүөнэ Саха сиригэр кэлэр буолан, биһиэхэ ураты болҕомто ууруллар. Бу сыл саҕаланыыта Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы министиэристибэтин оробуочай бөлөҕө кэлэн, логистикабытын үөрэтэн барбыта. Таһаҕас тимир суолунан хайдах кэлэрин, Хотугу муустаах муора суолун, үбүлээһин уонна да атын боппуруостары. Биһиги бэйэбит этиилэрбитин киллэрбиппит. Бу боппуруоска Госдуума дьокутаата Галина Данчикова күүскэ үлэлэһэр. Ону таһынан СӨ Арктиканы сайыннарыы, Экэниэмикэ, Үп, Тырааныспар министиэристибэлэрэ. Сокуон бырайыагын өссө бэйэбит оҥорон, федеральнай министиэристибэҕэ киллэрбиппит. Ол сокуону тупсаран оҥорон, субъектарынан тарҕаттылар.
– Сокуон Госдуума көрүүтүгэр хаһан киллэриллиэхтээҕий?
– Чуолкайын этэр кыаҕым суох. Арай 2023 сыл бастакы кыбаарталыгар ылыныллыахтааҕа сабаҕаланар. Бу саас Арктика кэмитиэтин мунньаҕа Дьокуускайга буолбута. Онно кэпсэтии тахсыбыта. Билигин Федерация Сэбиэтигэр кэпсэтии барыахтаах. Биһиги кыһыҥҥы суолу, нууччалыы эттэххэ, “зимнигы” туруорсабыт. Маннык өйдөбүл Арассыыйаҕа суох. Биһиэхэ эрэ баар. Холобур, Саха сиригэр 15 тыһ. км кыһыҥҥы суоллаахпыт. Бүддьүөппүтүгэр үп-харчы көрөн, ол суолларбытын бэйэбин көрөбүт-истэбит. Аны Хотугу муустаах муоранан таһаҕаһы тиэйии боппуруоһа турар. Манна сүрүн операторынан “Росатом” тэрилтэ буолуоҕа. Таһаҕас Саха сиригэр муора суолунан эмиэ аҕалыллыахтаах. Ол эрээри муора пуорда ирдэбилгэ эппиэттээбэт буолан кэккэ уустуктар бааллар. Тиксиигэ улахан хараабыл киирэригэр муора дириҥэ баара-суоҕа биэс-алта миэтэрэ. Улахан хараабыллар кэлэллэригэр 10-12 м дириҥнээх буолуохтаах. Маны таһынан Арассыыйаҕа хотугу таһаҕаһы тиэйиини сүрүннүүр тэрилтэ баар буолуохтаах диэн туруорсабыт. Чопчу биир тэрилтэни кытары үлэлиир ордук.
Үүт харчыта
– Кэпсэтиибитин арыый уларытыахха. Биһиги эрэдээксийэбитигэр үүт харчытын, тыа хаһаайыстыбатын саҥа мэхэньиисимин туһунан ааҕааччыларбытыттан үгүс ыйытыы, туруорсуу киирэр. Харчы ыанар ынахха көрүллэр буолуоҕуттан, дьон үүтү туттарыыта аҕыйаата дииллэр. Бу хайысханан үлэ салгыы хайдах ыытыллыай?
– 2020 сыллаахха биһиги уопсайа 80 тыһ. т үүтү соҕуотуопкалаабыт эбит буоллахпытына, 2021 сылга 57 тыһ. т былаан турбута. Ол оннугар ыанар ынахха 35 тыһ. солк. субсидия көрүллүбүтэ 2020 сыл түмүгүнэн биһиги ыанар ынахпыт ахсаана 74 тыһ. этэ. Мантан аҥаардара эрэ үүт туттараллара. Инньэ гынан кээмэйбитин 57 тыһ. түһэрбиппит. Ыраах сытар нэһилиэктэргэ үүт тутар пууннар үлэлээбэттэринэн уонна атын да төрүөттэринэн сылтаан, кэтэх ыаллар бары үүтү туттарбат этилэр. Роспотребнадзор, бэтэринээрийэ өттүттэн ирдэбиллэр кытаатан, аҕыйах ынахтаах дьон үүт туттараары үгүс харгыстары көрсөллөрө. Инньэ гынан, кэтэх хаһаайыстыбалаах ыаллары өйүүр, дохуот ааҕыстыннар уонна ыанар ынах ахсаанын тутар сыалтан, саҥа мэхэньиисими киллэрбиппит. 2020 сыллаахха ааҕан көрүүбүтүнэн, кэтэх хаһаайыстыбалаах дьонтон 30%-ра үүт-эт туттаран дохуот аахсыбат этилэр. Дьэ билигин бары хабылыннылар, ким эрэ субсидия ылар, ким эрэ үүт туттаран дохуот аахсар. Ил Дархан Айсен Сергеевич сорудаҕынан, кэтэх хаһаайыстыбалаах ыаллар үүттэрин туттардыннар диэн эбии дьаһал ылыллан, үүтү туттарыыга 57 мөл. солк. көрүллэн 5700 т үүтү эбии соҕотуопкаланар буоллар. Ол курдук 35 тыһ. солк. ылалларын таһынан, бүддьүөттэн 10 солк. хас биирдии киилэ үүккэ көрүллүөхтээх. Итиэннэ астаан таһаарааччы (переработчик) 10 солк. эбэн, ылар харчылара 20 солк. буолар. Билигин бу боппуруоһу өссө үөрэтэ сылдьабыт. Анаан-минээн Чурапчыга тахсан туһааннаах мэхэньиисиминэн анал стратегическай сиэссийэ оҥордубут. Манна тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорон таһаарааччылара, переработчиктара кэлэн кытыннылар. Сорохтор биһирииллэр, сорохтор утараллар. Араас санаа этилиннэ. Бу боппуруоһу салгыы балаҕан ыйын 24-25 күннэригэр “Ас-үөл-2022” быыстапка-дьаарбаҥка иитинэн ыытыллар пуорумҥа өссө кэпсэтиэхпит, дьүүллэһиэхпит.
– Онтон эт субсидиятыгар сыана быһылынна дуо?
– Эти соҕотуопкалааһын эрэ буолбакка, бурдугу, оҕуруот аһылыгын соҕотуопкалааһын диэн быйылгыттан саҥа киирдэ. Ынах этин сыаната арыый үрдүк, онтон сылгы киэнэ арыый кыра буолуоҕа. Чопчу билигин этэр кыаҕым суох. Бүддьүөттэн үбэ-харчыта алтынньыга тиийиэхтээх. Улуустарынан соҕотуопкаҕа былаан оҥоһуллуохтаах.
Оҥорон таһаарааччыларга көмө
– Бэйэ оҥорон таһаарааччыларга, холобур, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин нөҥүө көмө хайдах оҥоһуллар?
– Араас бырагыраамалар үлэлииллэр. Холобур, “Агростартап” нөҥүө грант ылан сылгы баазатын, хотон тутталлар, ыҥырыа иитэллэр. Маны таһынан “Туймаада” ҮАПХ нөҥүө чэпчэтиилээх уһун болдьохтоох сойуомнары биэрэбит. Урбаан нөҥүө ылан көрөр буоллахха, производствоны номнуо саҕалаабыт дьоҥҥо ороскуотун толуйуу оҥоһуллар. Суумата наһаа да улахан буолбатах. Мөлүйүөн аҥаарыгар диэри. Урбаан министиэристибэтигэр сайаапка биэрэн куонкуруһу аастахтарына толуйуу оҥоһуллар. Урбаан пуондатын нөҥүө кыра бырыһыаннаах сойуомнар, кирэдьииттэр бэриллэллэр.
Түмүккэ
– Михаил Викторович, түмүккэ, дьэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччыларга, олохтоохторго туох баҕа санааҕын тириэрдиэҥ этэй?
– 90-с уонна 2000-ча сыллар саҥаларыгар тыа хаһаайыстыбата көйгө оҕо курдук батталлаахтык сылдьыбыта. Тыа хаһаайыстыбата улахан дохуоту биэрбэт, инникитэ суох диэн этэллэрэ. Ол гынан баран, кэнники сылларга кэтээн көрөр эбит буоллахха, Арассыыйа үрдүнэн да ыллахха, тыа хаһаайыстыбата аһара балысханнык сайынна. Билигин Арассыыйаҕа тыа хаһаайыстыбатын экэниэмикэни сайыннарар төһүү күүһүнэн буолла диэн этэллэр. Ол аата экэниэмикэ сайдыытын улахан өлүүтүн тыа хаһаайыстыбата ылар буолла. Бурдугу экспорка таһаарыы билигин күүскэ барар. Саха сирин ылар буоллахха, тыа хаһаайыстыбатыгар бу сылга үктэнэрбитигэр бырагыраамабыт үбүлээһинэ 12,5 млрд солк. Бу билигин өссө эбиллэн 13,5 млрд солк. буолла. Ити балысхан улахан үбүлээһин. Маны көдьүүстээхтик туһаныахпытын наада. Онон, Тыа хаһаайыстыбата хаалыылаах салаа буолбакка, күүскэ сайдар хайысхаҕа кубулуйда. Дохуот ылар үчүгэй биисинэс курдук көрөр буоллулар. Кыахтаах бааһынай хаһаайыстыбалар бааллар. Манна биир холобуру аҕалыам этэ. Хаҥалас улууһугар Михаил Васильевич Павлов салайааччылаах бааһынай хаһаайыстыба баар. Кини 2001 сыллаахха 100 ыанар ынахтаах хотоно умайан, турар бэйэтэ эрэ хаалан хаалбыта. Михаил Васильевич илиитин ыһыктыбакка, барытын хаттаан тэринэн, сорох ынаҕы арендаҕа ылан, билигин сайдан, тыһыынчаттан тахса ынахтаах бөдөҥ хаһаайыстыбаҕа кубулуйда. Саамай бөдөҥ бааһынай хаһаайыстыба буолан олорор. Ыанньык хотонноро турар Тойон Арыыга баччааҥҥа диэри уота суох олорбута. Ону быйыл улуус дьаһалтата, “Сахаэнерго” хампаанньа уонна Тыа хаһаайыстыбатын министиэрстибэтэ көмөлөһөн, уот тардан биэрдибит. Хаҥаласка аны “Бөртө” хаһаайыстыба баар. Эмиэ тыһыынчаттан тахса ыанар ынахтаах. Онон атын улуустарга эмиэ этэбит, эһиги тыа хаһаайыстыбатын биисинэс курдук көрүөхтээххит диэн. Сүөһүнү отунан эрэ буолбакка, иҥэмтэлээх аһынан аһатарга, элбэх үүт ыларга үлэ ыытыллыахтаах. Маны таһынан түргэнник ситэр салаанан күүскэ дьарыктаныахтаахпыт. Мүөтүнэн дьарыктаныы эмиэ тэнийдэ. Бу соторутааҕыта Амма улууһугар сырыттыбыт. Онно мүөтүнэн дьарыктанар урбаанньыт 2021 сылга 300 киилэ мүөтү ылбыт. Быйыл 1 туонна мүөтү ылар былааннаахпыт. Хас биирдии улууска итинник салаалар тэнийиэхтээхтэр. Арктикаҕа да сайдыы барар кыахтаах. Өлөөҥҥө биир хаһаайыстыба куурусса иитэр буолан, улууска сымыытынан хааччыллыы боппуруоһа быһаарыллан эрэр. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин өттүттэн көмө оҥорбут. Онон тыа хаһаайыстыбата дохуоттаах салаа буоларыгар баҕарабын.
Биэрии толору видеота: https://youtu.be/cjBsuPTU0po
Анивера Акимова, Чокуур Гаврильев бэлэмнээтилэр, edersaas.ru сайт