Россия доруобуйа харыстабылыгар миниистирэ Михаил Мурашко Саха сирин волонтер-медиктарын үлэлэринэн киинэ устууга идеяны сэҥээрдэ. Миниистир кинилэргэ махтанна, итиэннэ коронавирус пандемиятын кытта охсуһууга уонна чөл олох туһугар үлэҕэ кылааттарын бэлиэтээтэ, суруйар СИА.
РФ доруобуйа харыстабылыгар миниистирэ Михаил Мурашко Дьокуускайга сүрэх-тымыр киинин арыллыытыгар сырытта уонна «Волонтеры-медики» Бүтүн Россиятааҕы хамсааһын регионнааҕы салаатын бэрэстэбиитэллэрин кытта көрүстэ.
Регионнааҕы хамсааһыны сүрүннээччи Алена Кычкина иһитиннэрбитинэн, үлэ 2017 сыллаахтан саҕаламмыт, медицинаҕа баҕа өттүнэн көмөлөһүүнү пропагандалыыр сыаллаах. Хамсааһыҥҥа 1,6 тыһ тахса волонтер 12 муниципальнай тэриллиигэ баар.
Хаартыска: Мария Васильева, СИА
This post was published on 30.04.2022 16:56 16:56