Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин бэнидиэнньиккэ Сибиир уонна Уһук Илин федеральнай уокуруктарыгар оробуочай сырыы чэрчитинэн Дьокуускайга кэллэ.
Премьер-миниистири Уһук Илин уокурукка вице-премьер Юрий Трутнев, Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын миниистирэ Алексей Чекунков уонна Саха сирин баһылыга Айсен Николаев көрүстүлэр.
Мишустин ыксаллаах быһыы-майгы содулларын туоратыы уонна тохтотуу боппуруостарыгар мунньаҕы ыытыаҕа, регион баһылыга Айсен Николаевы кытта көрсүһүөҕэ, ону сэргэ IT- пааркаҕа сылдьыаҕа.
Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар бүгүн, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин Уһук Илин федеральнай уокурукка бэрэсэдьиэн боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа миниистирэ Александр Козлин, гражданскай оборона дьыалаларыгар уонна ыксаллаах быһыыга-майгыга миниистир Александр Куренков, Уһук Илин уонна Арктика сайдыыларыгар миниистир Алексей Чекунков үлэлиэхтэрэ.
This post was published on 15.08.2022 15:03 15:03