Михаил Мишустин Арассыыйаҕа искэни утары "Мелфалан" эми атыылаһан киллэриигэ дьаһал таһаарда

Арассыыйаҕа олус уустук патологиялаах (миеломалаах ыарыһахтары) эмтииргэ туттуллар эми тиэйэн киллэриэхтэрэ, edersaas.ru суруйар.


Дьаһалга бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата. Быйыл хайыы-үйэ 2,5 тыһыынча хаа эми аҕалыахтара уонна балыыһаларга тарҕаныаҕа.

Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр Арассыыйаҕа киллэриллиэхтээх эмкэ көҥүлллүүр докумуону биэриини хааччыйарыгар сорудахтанна. Бу эми атыылаһыынан уонна аҕалыынан Москватааҕы эндокриннай собуот дьарыктаныа.

Бу иннинэ аһымал пуондаларын бэрэстэбиитэллэрэ Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин ааттарыгар искэн ыарыылаахтарга эмп тиийбэтинэн дьаһаллары ылыналларыгар суруйбуттара.

This post was published on 27.11.2020 14:01 14:01