Ийэ буолууга көрүллэр больничнай уонна босуобуйа төлөөһүнэ социальнай страховка Пуондатынан төлөнөр буолара этиллэр, урукку курдук үлэлиир тэрилтэнэн эргийбэт. Саҥа бэрээдэк туһунан бырабыыталыстыба мунньаҕар Михаил Мишустин иһитиннэрдэ.
Сорох регионнарга систиэмэ кэтээн көрүү эрэһииминэн үлэлиир. Куһаҕана суоҕа бэлиэтэннэ. Тэрилтэлэргэ кумааҕы үлэтэ аҕыйаата, дьон харчытын түргэнник ылар буолла, оттон Пуонда уоргаттара төлөбүрү сөпкө ааҕыыны бэрэбиэркэлииллэр.
«Ол иһин 2022 сылтан маннык практиканы дойду үрдүнэн тарҕатабыт. «Проактивнай» үлэ киэбигэр көһөбүт, ол аата больничнай, ийэ буолууга көрүллэр төлөбүрдэргэ бигэргэтии докумуоннара электронно, быһа оҥоһуллуохтара», — диэтэ Мишустин.
Дьон сайабылыанньа суруйбат.
This post was published on 20.11.2020 14:01 14:01