Бастакы, бастыҥ, баһылык, барҕарыы… Бу тыллар дорҕоон эрэ дьүөрэлэһиитинэн майгыннаспаттарын ырылхай туоһута — саха норуотун дьиҥ чахчы бастыҥ киһитэ, барҕарыы суолун баһылаабыт, бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев буолар. Арыллыы, аһыллыы, аартыгы арыйыы диэн тыллар эмиэ кинини кэпсииллэр.
Михаил Ефимович Николаев салайарын саҕана үгүс сылларга олохсуйан хаалбыт көрүүлэр сөргүтүллэн, саҥардыллан сахабытын, сахалыы санаабытын ыһыктыбакка төрүт үгэстэрбитин тирэх оҥостон аныгы олох харса суох хаҥыл хардыытыгар сөп түбэһиннэрэн, эдэр ыччаты үрдүктүк тутуу, кинилэргэ эрэл кэлбитэ.
Кини үлэһит буолуоҕуттан хайа да хайысхаҕа, ханна да үлэлээтэр куруутун инники күөҥҥэ туох эрэ саҥаны, сонуну киллэриигэ сүрүн болҕомтотун уурар. Өссө биир саамай сыаналанар, убаастанар уонна атыттарга холобур буолар өрүтэ кини дьоҥҥо тэҥ сыһыана, болҕомтолооҕо, үгүс элбэх информацияттан наадалааҕын, тыыппалааҕын, инникилээҕин өйдөөн өйөөбүт, көҕүлээбит түгэннэрэ үгүстэр. Ол туһунан суруллубута, кэпсэммитэ, сэһэргэммитэ элбэх.
«Тускул» култуура киинэ Михаил Ефимович үбүлүөйдээх 85 сааһыгар анаабыт тэрээһиннэриттэн биирдэстэрэ «Мин бэрэсидьиэним» диэн ааттаах хаартыскалары көрүү буолла. Манна хаартыскалар устуоруйаларын сэгэтэн ааһар буоллахха маннык буолла.
Дария Катанова (Бүлүү) – Бүлүү улууһа, Бүлүүтээҕи Г.И.Чиряев аатынан 1 нүөмэрдээх БОО технологияҕа учуутала:
– Бу түгэн 40 сыллааҕыта буолан ааспыта эрээри мин өйбөр-санаабар хатанан хаалбыт сылааһынан сыдьаайар сырдык көрсүһүү этэ. Ис иһиттэн холку, наҕыл курдук эрээри кылгас кэм иһигэр сүрдээх элбэҕи кэпсэтэн, быһаарсан, дириҥ, хорутуулаах боппуруостары биэртэлээн, толкуйга уган, салгыы үлэлииргэ, айарга санаа укпута. Онон мин ол көрсүһүүнү үлэбэр, олохпор сүрүн оҥкул оҥостубутум диэтэххэ сымыйа буолбат. Киһиэхэ болҕомтолоох буолуу, көҕүлээччини, саҕалааччыны, кыым саҕааччыны кэмигэр кэрэхсээтэххэ түмүгэ үтүө буоларын кытаанахтык өйдөөбүтүм.
Калачева Клара Васильевна (Хатас):
– Михаил Ефимовиһы биһиги хатастар мэлдьи махтана, сүгүрүйэ саныыр киһибит. Билигин тигинэччи үлэлии турар оскуолабыт дьиэтэ-уота кини быһаччы дьаһалынан, кыһаллыытынан киирбитин бары билинэбит. Кини ийэтигэр ураты истиҥ иһирэх сыһыаннааҕын бары да билэбит. Хаартыскаҕа «Твои люди, Якутия» диэн тиэмэҕэ күн бүгүн СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кэтээн көрүү, анаарыы отделын кылаабынай исписэлииһэ Николай Ноев (оччолорго оскуола оҕото) дакылаатыгар Михаил Ефимович ийэтин туһунан кэпсии турар түгэнэ.
Михаил Мордовской – Михута (Горнай улууһа):
– Бу хаартыскаҕа Эдьигээн улууһун үбүлүөйдээх өрөгөй күннэригэр хотугу многоборьеҕа өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэҕи кэпсии-ипсии, көрдөрө-иһитиннэрэ сылдьан көрсүһүүбүн үйэтиппит эбиппин. Бу көрсүһүүттэн сөҕө уонна махтана санаабыт өрүтүм – кини ханнык баҕарар тиэмэҕэ сөрү-сөпкө киирэн чуолкай, дьэҥкэ боппуруостары биэртэлиирин, биир тылынан эттэххэ, олох хорук тымырын ытыһын иһигэр тута сылдьар киэҥ көрүүлээҕин, дириҥ билиилээҕин. Хайдах эрэ ис иһиттэн аҕалыы дьоһун, холку, хамсаабат акылаат курдук, киһиэхэ эрэли үөскэтэр көрсүһүү этэ диэн сыаналыыбын билигин ону.
Иван Васильевич Копырин:
– Бу хаартыскаҕа 2005 сыллааҕы түгэн. Бүтүн нэһилиэк кыралыын-улаханныын үөрэнэрдиин – үөрэммэттиин өр сылларга күүппүт-кэтэспит күммүт – оскуолабыт саҥа дьиэтигэр киириитин түгэнэ этэ. Саха дьонун быһыытынан туох баар үтүөбүтүн, бастыҥмытын көрдөрөр быыстапканы – оҕолор оҥорон таһаарбыт уус-уран да техническай да оҥоһуктарын тэрийбиппит. Онно оҕолор дьоҕурдарын сайыннаран, таһымнарын үрдэтэн, айар-тутар эйгэлэрин кэҥэтэр, тэнитэр эбиккит диэн бэлиэтээбитэ.
Елена Охлопкова (Томпо улууһа):
– Михаил Ефимович норуот хаһаайыстыбатын бары хайысхатыгар ситиһии, кыайыы, сайдыы туһугар туһуламмыт анал бырагыраамалары, көрүүлэри, күрэхтэри ыытар кэмигэр, этэргэ дылы, саамай өрөгөй кэмигэр үлэлээбит-хамсаабыт дьоллоох дьонтон биирдэстэрэбин. Хаартыскаҕа Михаил Ефимовичтыын учууталлар өрөспүүбүлүкэ күрэхтэригэр кыайыылаахтары эҕэрдэлиир түгэнигэр көрсүһүү. Ытыктыыр, убаастыыр сирдьит сулус оҥостор киһибин кытта түспүт түгэммин күндүтүк саныыбын.
Ити курдук Михаил Ефимовиһы кытта алтыспыт эрэ барыта кэмиттэн, бириэмэтиттэн, миэстэтиттэн тутулуга суох сонно тута онно сөптөөх тылы-өһү, санааны була охсон кэпсэтэн, болҕомтотун ууран бүтүн норуот убаастабылын ылыан ыллаҕа. Убаастыыр, ытыктыыр киһибитигэр дьон-норуот махтала, сырдык ыраас санаата куруутун сылааһынан сыдьаайан аны да арыаллыы сырыттын диэн санаабытын тиэрдэбит.
Ааптар: Наталья Руфова, Хатас
This post was published on 13.11.2022 09:01 09:01