Сивцев Иннокентий Семенович — историческай наука кандидата, политология кафедратын профессора, ХИФУ наставниктарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ. Үрдүк үөрэх кыһатыгар үлэлээбит ыстааһа 54 сыл. Кини университетка араас дуоһунаска үлэлээбитэ: старшай преподаватель, доцент, профессор, кафедра сэбиэдиссэйэ, СГУ-га үөрэх чааһыгар проректорынан, ТХИ, Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар ректорынан, ЯГИТИ-га үөрэх чааһыгар проректорынан, ректоры солбуйааччынан, кэлин ХИФУ историческай факультетыгар наставнигынан.
Иннокентий Семенович эдэр сылдьан М.К. Аммосов аатынан судаарыстыбаннай университет хомсомуолун хамсааһынын бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит.
— Михаил Ефимович Николаевы кытары хомсоллуу сылдьан билсибитим. Ол саҕана мин университетка хомсомуоллары салайарым уонна преподаватель быһыытынан үлэлиирим. Үлэбэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһарым уонна сөбүлүүр да этим.
Оччолорго Михаил Ефимович Саха сирин салайар отделын салайааччытынан үлэлии олорбута, партийнай үлэһиттэри таларга көмөлөһөрө, дьаһайсара.
Биир күн миигин ыҥыран ылла уонна «Горком бастакы сэкиритээринэн үлэлээ» диэн эттэ. Мин олус соһуйдум, дьиҥэ, улахан чиэс буоллаҕа дии. Ол эрээри, испэр кыратык салынным. Кырдьыгынан эттэххэ, олох инник үрдүк дуоһунаска таласпат этим, талан ылбыт үөрэтэр идэбин олус сөбүлүүрүм уонна сыаналыырым.
Михаил Ефимович киһини бэйэтин тылыгар киллэрэр талааннаах, хайдах эрэ кэтэҕэмэйдээри гыммыппын көрөн, “Анкетаҕын номнуо ыыппытым, үөһээ салалта эн кандидатураҕын өйөөтө. Университет хомсомуолун салайар киһи куорат да таһымыгар үлэлиир кыахтаах диэн сыаналыыллар” диэтэ. Ол саҕана аккаастыыр табыллыбат да курдуга. Сөбүлэспэт да буоллаххына, партия этиитин хайаан даҕаны толоруохтааххын.
Онон дьэ, мин улахан санааҕа баттаттым. Куорат дьыалатын барытын салайар сэкиритээр үлэтэ улахан эппиэтинэстээх, манна мин толкуйбунан, оробуочай кылааска үлэлии сылдьыбыт уопуттаах киһи быдан барсар. Мин буоллар, олоҕум тухары үрдүк үөрэх кыһатыгар үлэлээбитим. Төһө даҕаны университет хомсомуолун салайбытым иһин, ити хайысхата олох атын, бүтүн куорат таһыма хаһаайыстыбыннай чааһыгар билиини уонна уопуту эрэйэр буоллаҕа.
Мин хас эмэ хонугу быһа санаа баттыктаах сырыттым, киһим ол тухары хаста даҕаны нууччалыы эттэххэ “настойчиво” ыҥыран, сөбүлэҥмин ыла сатаабыта. Аны итинник дуоһунаска ылалларыгар хайаан даҕаны кэмпириэнсийэ тэрийэллэр, онто суох анаабаттар. Ол кэмҥэ, хата оҕолорго каникул саҕаламмыта. Дьэ, мин ол кэмпириэнсийэҕэ кэлбэтэхпинэ, миигин чопчу талбаттар диэн билэбин. Инньэ гынан, кэргэммин кытары сүбэлэһэн баран, доҕорбор Алексеев Николай Кирилловичка олоро бардым.
Аадырыспынан ыҥыра кэллэхтэринэ, кэргэним миигин дойдутугар тахсыбыта диэхтээх. Ол курдук гынныбыт, Николай ол саҕаны кэргэнэ суох, мин киниэхэ олоробун, таһырдьа тахсыбаппын даҕаны. Кэргэммэр сэрэйбитим курдук кэлэ сылдьбыттар этэ, онуоха сүбэлэспиппит курдук «дойдутугар барбыта» диэбит.
Намҥа түһэр аадырыспын ыйытылаһан, онно эмиэ сылдьыбыттар этэ, онуоха онно олорор дьоммор тугу да биллэрбэтэх буоламмын, билбэппит диэбиттэр. Кырдьыга да билбэттэр этэ.
Ити курдук «куотуна сылдьар» кэммэр, кэмпириэнсийэ буолла. Ол түмүгэр бастакы сэкиритээринэн Михаил Ефимович Николаевы бэйэтин талбыттар этэ (күлэр-ааптар). Ол дуоһунаска Михаил Ефимович олус таһаарыылаахтык уонна хас даҕаны сыл үлэлээбитэ.
Биһиги кэргэмминээн кыыспыт ол саҕаны кыра буолан, эбээлээҕэр таһаарар этибит. Онуоха массыына мээнэ көстүбэт, куорат бастакы сэкиритээригэр буоллар массыына көрүллэрэ. Инньэ гынан, олох ыксал буоллаҕына, кыыһы эбээлээҕэр таһаарарга, мин ол массыынаны киирэн көрдөһөрүм.
Биирдэ Михаил Ефимович аргыыйдык “Иннокентий, бу дуоһунаһы бэйэҥ ылбакка буолан баран, киһиттэн массыына былдьаһаҕын, ону-маны гынарбар мэһэйдэһэҕин” диэн сэмээр күлэн турардаах. Ол да буоллар, көрдөһүүбэр хаһан даҕаны аккаастаабата.
Кэлин толкуйдаан көрдөхпүнэ, олох сөпкө гыммыппын. Мин санаабар ити дуоһунаһы кыайыам суох этэ. Михаил Ефимович судаарыстыба таһымнаах салайааччы, политическай деятель. Ылсан үлэлээбит бары хайысхата таһаарыылаах.
Ааптар: Мария Горохова, СИА
This post was published on 18.10.2022 14:31 14:31