Норуоттар ардыларынааҕы музей күнүн көрсө, ыам ыйын 17 күнүгэр, Саха сиринээҕи национальнай художественнай музейга Михаил Габышев аатынан Ил Дархан бириэмийэтин туттарыахтара. Наҕарааданы региоҥҥа 2023 сылга музей дьыалатын сайдыытыгар кылааты киллэрбиттэр тутуохтара.
Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Эҕэрдэ сиэрин-туомун ыытыы тас дойдулар искусстволарын галереятыгар ыытыллыаҕа. Манна меценат Михаил Габышев коллекцияларыгар олоҕурбут быыстапка турар.
Михаил Габышев аатынан сылын аайы бэриллэр Ил Дархан бириэмийэтэ 2005 сыллаахтан олохтоммута. Номинациялара «Попечитель и меценат», «Музей года» уонна «Лучший музейный сотрудник».
This post was published on 15.05.2024 17:07 17:07