29 Кулун тутар 29.03
  • -14°
  • $ 92,26
  • 99,71

«Метеор-120Р» дьону тиэйэр уу аала Саха сиригэр 2023 сыл атырдьах ыйыгар кэлиэҕэ

16:27, 20 января 2023
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Социальнай суолталаах маршруттарынан Саха сиригэр «Метеор-120Р» уу аала сылдьыаҕа.

Түргэн тырааныспар билигин Нижегородскай уобалас Р. Е. Алексеев аатынан конструкторскай бюроҕа оҥоһуллар. Уу аала Саха сиригэр 2023 сыл атырдьах ыйыгар кэлиэҕэ. Ол туһунан тырааныспар миниистирэ Владимир Сивцев эттэ.

«Метеор-120Р» 120 пассажир киирэр, «автономность плавания» — 8 чаас, «крейсерская скорость» — 75 км/ч диэри, «дальность хода» — 600-700 км.

Аныгы модель доруобуйаларыгар хааччахтаах дьону таһарга анаммыт.

Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна конструкторскай бюро ардыларыгар түһэрсиллибит сөбүлэҥ сурукка олоҕуран, чэпчэтиилээх лизинг бырагырааматынан, РФ «Минпромторг» өйөбүлүнэн, «ГТЛК» хампаанньа линиятынан оҥоһуллар.

Санаттахха, чэпчэтиилээх лизинг бырагырааманан 2021 сылга Саха сирэ «Ленатурфлот» хампаанньаҕа икки «Валдай-45Р» ылбыта. Кинилэр эмиэ Нижегородскай уобаласка оҥоһуллубуттара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА