Мэлдьэхсигэ Ийэ тыл күнүн бэлиэтээтилэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун академик Афанасий Чугунов аатынан Мэлдьэхси орто оскуолатыгар Ийэ тыл күн бэрт сэргэхтик бэлиэтээбиттэрин туһунан edersaas.ru суруйдулар.


Ийэ тыл күнүгэр сарсыардаттан учууталлар уонна оҕолор сахалыы таҥнан, араас тэрээһиннэри ыыттылар. Ол курдук, учууталлар үөрэнээччилэрин алаадьылаах саламаатынан көрүстүлэр, оһохторун аһатан, сиэр-туом толордулар.  Күнүскү үөрэх түмүктэнээтин кытта, оһуохай саҕаланна онтон саха аһын быыстапкатa буолла.

Манна кылааһынан саха аһын арааһын аҕалбыттар! Үрүҥ уонна эт ас көрүҥэ элбэҕинэн 2-с уонна 7-с  кылаастар тэҥнээхтэрин булбатылар. Оҕолор төрөппүттэрин кытта олус кыһаммыттар. Анна Герасимова салайар 2-с кылааһын үөрэнээччилэрэ саха аһын 39 көрүҥүн, оттон Нарыйа Барахова салайар 7-с кылааһа ас 27 көрүҥүн астаабыттар.

Онон Ийэ тыл күнүн Мэлдьэхси оскуолатын оҕолоро саха аһын тото-хана аһаан бэлиэтээтилэр.

This post was published on 14.02.2017 14:33 14:33