Медведев уот тарыыбын олохтоото

Дойду премьер-миниистирэ Дмитрий Медведев Уһук Илин эрэгийиэннэригэр электроэнергия 2018 сыллааҕы базовай тарыыбын олохтоото.


РФ Бырабыыталыстыбатын сайтыгар сурулларынан, тарыып 1 киловатт чааһа 4,3 солкуобайынан (НДС аахсыбакка) олохтоммут. Саҥа базовай тарыып олохтоммутун суотугар Уһук Илин биэс эрэгийиэнин предприятиелара 35 млрд солк. кэриҥэ үбү-харчыны кэмчилиэхтэрэ.

Санатан эттэххэ, РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илин эрэгийиэнигэр уот тарыыбын Арассыыйа орто көрдөрүүтүгэр тэҥниир туһунан өссө иллэрээ сыллааҕыта эппитэ.

Уот тарыыба Чукоткаҕа, Магадаҥҥа, Камчаткаҕа, Сахалиҥҥа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр намтыаҕа.

This post was published on 21.11.2017 12:00 12:00