22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Медведев Уһук Илин эдэр ыалларыгар 2%-наах ипотеканы биэрии туһунан уураахха илии баттаата

09:58, 10 декабря 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Россия премьер-министрэ Дмитрий Медведев Уһук Илиҥҥэ чэпчэтиилээх ипотеканы биэрии туһунан уураахха илии баттаата. Бу региоҥҥа олорор 35-гэр диэри саастаах эдэр ыалларга уонна соҕотох төрөппүккэ 2%-наах чэпчэтииилээх ипотека көрүллэр буолла.


«Мин Уһук Илиҥҥи ипотека бырагырааматын усулуобуйатын бигэргэтэр уураахха илии баттаатым. Чэпчэтии Уһук Илиҥҥэ дьиэ туттар эбэтэр атыылаһар дьоҥҥо ананар«, — диэн Дмитрий Медведев  вице-премьердары кытта көрсүһүүтүгэр эттэ.

Дмитрий Медведев чэпчэтиилээх ипотека олорор дьиэҕэ эрэ туһаайылларын, биирдэ эрэ бэриллэрин эттэ. Бырагыраама 2024 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри үлэлиир.

Санатар эбит буоллахха, Россия президенэ Владимир Путин Уһук Илиҥҥи регион эдэр ыалларын чэпчэтиилээх ипотеканан хааччыйар туһунан идеяны өйөөбүтэ. Бырагыраама  «Уһук Илини сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагырааманан уонна Уһук Илини сайыннарыы фондатыттан үбүлэнэр. Барыта 5 млрд — 10 млрд солк. диэри халбаҥныан сөп, диэн суруйар “Ъ”.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА