Россияҕа медицина үлэһиттэрэ тыа сиригэр эми атыылыылларыгар көҥүл ыллылар. Сокуоҥҥа уларытыы 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн киирдэ.
«РФ бырабыыталыстыбата медицина тэрилтэлэрэ фармацевтическай үлэнэн дьарыктанар лицензияларыгар чуолкайдааһыннары киллэрдэ. Медицина үлэһиттэрэ тыа сиригэр баар амбулаторияларга, фельдшерскай-акушерскай пууннарга, балыыһаларга, аптека суох буоллаҕына, чэпчэтиилээх эми ыарыһахха биэрэллэрэ, эми атыылыыллара көҥүллэннэ. Эрдэ маннык үлэнэн фармация үлэһиттэрээрэ дьарыктанар бырааптаахтара», — Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Дьаһал аптеката суох тыа сиригэр олохтоохтору эминэн-томунан хааччыйар сыаллаах.
This post was published on 10.01.2022 17:01 17:01