Медиктар Доруобуйа сылыгар хайыһарга күрэхтэстилэр

Дьокуускайга Күөх хонууга №3 өрөспүүбүлүкэтээҕи клиника үлэһиттэрэ хайыһарга турдулар. Күрэхтэһии Доруобуйа сылыгар ананна. 

Медицина үлэһиттэрин физическай бэлэмнэрин уонна чөл олоххо тардыһыыларын көрдөрөр тэрээһини Евдокия Богдашина бэрэссэдээтэллээх балыыһа профсоюһун бастакы сүһүөҕэ көҕүлээтэ.

Эстафета түмүгүнэн эмтиир-реабилитациялыыр киин бастаата. Иккиһи консультациялыыр-диагностикалыыр салаа ылла. Поликлиника хамаандата үһүстээтэ.

Биирдиилээн киирсиигэ поликлиника терапиятын сэбиэдиссэйэ Наталья Трофимова саамай кыахтааҕын көрдөрдө. Иккис балыыһа кылаабынай бырааһа Ольга Татаринова. Үһүскэ гериатрическай киин старшай медсиэстэрэтэ Елизавета Бурнашева.

Эр дьоҥҥо бастаата врач-ортодонт Петр Спиридонов.

Уопсай түмүккэ поликлиника кыайда (сэбиэдиссэй Алена Сергеева).

This post was published on 29.03.2021 13:33 13:33