Саха сиринээҕи медицина колледжын медик-волонтердара анал байыаннай дьаһал кыттыылаахтарыгар үгүс көмө оҥороллор. Ол туһунан үөрэх тэрилтэтин дириэктэрин үөрэх чааһыгар солбуйааччыта Наталья Кондратьева эттэ, суруйар ЯСИА.
«Биһиги волонтер-медиктарбыт араас хайысханан үлэлииллэр: нэһилиэнньэҕэ көмө уонна көмөҕө наадыйааччыларга өйөбүл. Биһиги устудьуоннарбыт «Якутия с тобой» өрөспүүбүлүкэтээҕи штабка үлэлииллэр, байыастарга көмөлөһөллөр», — диэтэ Кондратьева.
Кини олунньу 16 — 17 күннэригэр колледж үөрэнээччилэрэ үөрэх министиэристибэтин өйөбүлүнэн Москваҕа «Россия» быыстапкаҕа сырыттылар. Дойду киин куоратын госпиталыгар сытар Саха сирин байыастарыгар гуманитарнай таһаҕаһы илдьиигэ көмөлөстүлэр.