Быйыл саас Ф.Авдеева аатынан Оҕо дыбарыаһын педагога Николай Васильевич Корякин тус бырайыагынан, «MUUS ustar» ыччат бэстэбээлигэр кыттыбыта. Саҥа сүүрээни көҕүлүүр чаҕылхай бырайыагы дьүүллүүр сүбэ тута бэлиэтээбитэ. Эдэр киһи сыралаах үлэтэ бастыҥнар ахсааннарыгар киирэн, үбүлээһини ситиспитэ. Билигин бу бырайыак үлэтин саҕалаабыта номнуо икки ый ааста.
«Медиазона USTAR» Росмолодежь грантовай бырайыага буолар. Бырайыакпыт сыала-соруга — Интернет ситимигэр оҕолору үөрэтэр уонна сааратар кыахтаах сахалыы тыллаах контены оҥорон таһаарыы. Манна, «Атах тэпсэн олорон» подкаст, оскуола оҕолорун сүүмэрдэммит хамаандалара мустан оонньуур «Мустар» ток-шоу, «Туох буола турарый?» аһаҕас микрофон биэриилэри устабыт. Ону таһынан, тэттик киинэлэри уһулан бэйэбит YouTube ханаалбытыгар угабыт. Биэриилэри тиһэн оҥорорго оскуола оҕолоро көмөлөһөллөр. Биһиги кинилэр көрүүлэрин, сүбэлэрин туһана сатыыбыт. Оҥоһуллан тахсар бородууксуйаҕа оҕолор бэйэлэрэ кыттыгастаах буоланнар, сөбүлээн туран айар үлэнэн дьарыктаналлар. Онон оҕо интэриэһэ баар, ону тардыахха эрэ наада. Билигин социальнай роликтары устан саҕалыахтаахпыт, — диэн бырайыак ааптара Николай Корякин үллэстэр.
Биэриилэри «Медиазона USTAR» YouTube ханаалыгар көрүөххүтүн син.
This post was published on 17.12.2021 19:20 19:20