Медөҥө иһин "налоговой вычет" туһунан биэс быһаарыы

1. Эмтэниигэ «вычеты» бэйэҕэ эрэ буолбакка, кэргэҥҥэр, төрөппүттэргэр уонна 18-гар диэри саастаах оҕоҕор ылыахха сөп.

2. «Вычет» муҥутуур суумата — 120 000 солк сылга, төнүннэрии суумата — 15 600 солк диэри. Ити эрээри сыаналаах эмкэ лимит суох.

3. Медөҥөҕө ороскуот ыспыраапканан бигэргэтиллибит буолуохтаах. Көрдөрүммүт тэрилтэҥ биэрэр. Эмкэ ороскуоту — аптекаттан чек уонна быраас ырысыаба мэктиэлиир.

4. «Вычетка» быраас анаабыт эмин ылыы барыта киирэр. Медөҥө хааччахтаах.

5. Социальнай вычеты бу сыллааҕыны үлэни биэрээччиттэн ылаҕын, биир сылтан ааспыт буоллаҕына — декларациянан.

📎 Сиһилии манна ааҕыахха сөп.

Источник: @obyasnayemrf

This post was published on 16.05.2022 13:01 13:01