Мэҥэлэр Арассыыйа былааҕын күнүгэр субуотунньуктаатылар

Хаартыска: Дмитрий Тихонов

Атырдьах ыйын 22-гэр, судаарыстыбаннай былаах күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас дьаһалтатын эр дьоно «Чүүйэ» улуустааҕы тэрилтэ ходуһатын күрүөлүүргэ баҕаналарын бэлэмнээһиҥҥэ субуотунньук тэрийдилэр. Бу туһунан улуус баһылыга Дмитрий Тихонов телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.

Хаартыска: Дмитрий Тихонов

— «Ынах үүтэ тылыгар» диэн өбүгэлэрбит бэргэн этиилэрин тутуһан, бурдук үүннэрэн, эбии аһылыгы бэлэмнээн, биирдии ынахтан тахсар ыанар үүт кээмэйин элбэтэн, дьоммут-сэргэбит үрүҥ аһылыгынан сылы эргиччи аһыылларын тэрийии сүрүн сорукпут буолар.

Былырыын, улуус үрдүнэн тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар барыта 34 км кэриҥэ күрүөнү оҥорбут эбит буоллахтарына, быйылгы дьылга 60 км күрүө оҥоһуллара былааҥҥа киирэн турар. Уолаттарбар таһаарыылаах үлэ иһин махтанабын, — диэн баһылык бэлиэтээн суруйда.

This post was published on 23.08.2024 14:49 14:49