Мэҥэ Хаҥалас улууһун тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ, тэрилтэлэрэ баһаартан эмсэҕэлээбит «Бөртө» сылгы собуотугар 175 тыһ солкуобай харчынан көмө оҥордулар.
Көмө харчыны тэрилтэ салайааччытыгар Александр Павловка улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Семен Потапов туттарда. Кини хаһаайыстыба түргэнник өрүттэригэр, Мэҥэ Хаҥалас тыа сирин хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ көмөҕө ыҥырыгы улгумнук ылыммыттарын эттэ.
Харчынан көмөнү «Тумул», «Солооһун», «Тамма», «Хорообут», «М. Егорова», «Томтор» хаһаайыстыбалара, «Хоту», «Павловскайдааҕы үүт собуота», «ЯкутНацПродукт» оҥорон таһаарар тэрилтэлэр, бааһынай хаһаайыстыбалар салайааччылара Аркадий Попов, Егор Жирков итиэннэ тыа хаһаайыстыбатын улуустааҕы управлениетын үлэһиттэрэ оҥордулар.
Санатар буоллахха, тохсунньу 6 күнүгэр Улахан-Ааҥҥа тахсыбыт баһаар түмүгэр 408 кв м иэннээх гараас, 12 тиэхиньикэ, барыта 12,3 мөл сууммалаах хоромньу тахсыбыта.
This post was published on 18.01.2021 11:01 11:01