Мэҥэ Хаҥаласка ыһыы үлэтэ саҕаланна (видео)

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Быйыл Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ыһыы үлэтин, чуолаан, сиик саптарыытын бурдук үүннэрэр хаһаайыстыбалар ыам ыйын 10 күнүттэн саҕалаабыттара. Былаан быһыытынан уопсайа 2190 га бааһынаҕа сиик сабыллыахтаах.

— Бүгүн 1572 гектар буолла. Бааһыналарга 24 тиэхиньикэ үлэлиир. Туорахтаах култуураҕа ыһыы былаана — 1409 гектар. Ыам ыйын 21 күнүттэн ыһыы үлэтэ саҕаламмыта  “Тумул” ТХПК, “Борисов А.А” , “Попов А.Н” ИП ГКФХ-лар ыһыыга туруннулар. Уопсайа 171 гектарга,  ол иһигэр сэлиэһинэй — 72 га уонна эбиэс 99 га ыһылынна, суруйда Саха сирэ саайт.

Видеоплеер

Сиэмэ бурдугу “Агрокорм” ХЭТ-тэн  тэрилтэттэн атыылаһабыт. 107 туоннаттан 45,2 т кэллэ, 62 т айанаан иһэр, — диэн кэпсээтэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун кылаабынай агронома Василий Николаевич Бурнашев.

Хаартыска, видео: В.Бурнашев тиксэриитэ

This post was published on 24.05.2024 12:01 12:01