Балаҕан ыйын 10 күнүгэр, улууспут оскуолаларыгар “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыак “Аныгы оскуола” федеральнай бырайыагын олоххо киллэрии чэрчитинэн естественнэй-научнай уонна технологическай хайысхалаах “Точка роста” үөрэх кииннэрэ үөрүүлээх быһыыга арылыннылар, диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Төхтүр, Тумул, Тарат орто оскуолаларын кэлэктиибин уонна үөрэнээччилэрин үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Василий Михайлов, улуустааҕы үөрэҕирии салалтатын салайааччыта Гаврил Толстяков эҕэрдэ тылларын эттилэр, ситиһиилээх үөрэҕи баҕардылар.
Тэрээһин арыллыытын кэннэ учууталлар саҥа арыллыбыт киин кэбиниэттэрин билиһиннэрдилэр, интэриэһинэй дьарыктары ыытан үөрэнээччилэри сөхтөрдүлэр. Билиилэрин-көрүүлэрин кэҥэтэллэригэр, биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтэллэригэр, сүрүн судаарастыбаннай, биир кэлим эксээмэннэргэ бэлэмнэнэллэригэр төһүү күүс буолуохтара.
Санатан этэр эбит буоллахха, саҥа үөрэх дьылыгар “Точка роста” үөрэх кииннэрэ улууспут 7 оскуолатыгар арыллан үлэлиэхтэрэ.
Бу курдук, “Точка роста” үөрэх киинэ эмиэ бу күн Мэлдьэхси оскуолатыгар үөрүүлээх быһыыга арылынна.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата
This post was published on 11.09.2024 12:18 12:18