Алтынньы 10 күнүгэр, сарсыарда Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар суол саахалыгар үс киһи эмсэҕэлээтэ, диэн Саха сиринээҕи ГИБДД иһитиннэрэр.
«Ниссан-Седрик» массыына суоппара «Тойота-Виш» массыынаҕа суолу туран биэрбэтэх, ол түмүгэр «Тойота» уулуссаны сырдатар тирэххэ баран түстэ. «Ниссан» суоппара кылаабынай суолга тахсарга массыына баарын көрбөтөх.
Мэҥэ Хаҥалас балыыһатыгар үс пассажир, ол иһигэр биир оҕо көмө араас эчэйиилээх кэлбиттэр.
«Ниссан- Седрик» массыына пассажира уҥа киистэтин өлөрбүт. Оттон сокуоннай сааһын ситэ илик «Тойота- Виш» пассажира тааһын уҥуоҕуе эчэппит, кини ийэтэ түөһүн, илиитин, сирэйин өлөрбүт.
Икки суоппар иккиэн эмсэҕэлээбэтэхтэр, суол саахала тахсар кэмигэр арыгы испэккэ сылдьыбыттар.
This post was published on 11.10.2022 15:03 15:03