22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Мэҥэ Хаҥаласка Петр Алексеев хас да хаһаайыстыбаҕа сырытта

10:41, 26 июля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы — Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Петр Алексеев от ыйын 23 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас хаһаайыстыбаларын кэрийдэ. 


Петр Алексеев Нөөрүктээйи нэһилиэгэр Михаил Егоров аатынан хааччахтаммыт эппиэтинэстээх хаһаайыстыба 120 сүөһү турар хотонун, «Лена» кэпэрэтиип оҕуруот аһын харайар тутуутун бырайыактарын, Аллараа Бэстээххэ «Лээги» миэбэл-салоҥҥа, «Тумарык» сылгы хаһаайыстыбатыгар,  Табаҕаҕа эргэ үүт сыаҕар, саҥа үүт собуота буолуохтаах эбийиэккэ,  Араҥаска эргэ аарка хотону, Дьаҥхаады нэһилиэгин Долоон учаастагар калмык боруодата сүөһүлэри иитиини билистэ. Итиэннэ Долооҥҥо туппут саҥа сүөһү өлөрөр пуун үөрүүлээх аһыллыытыгар кытынна.

Хорообукка халытан нүөлсүтэр ситим бастакы шлюз-регуляторыгар саҥалыы тутуу үлэтэ саҕаламмытын көрдө. Манна «Илинтехстрой» ХЭТ үлэлиир. Аҥардас бу быһыт 77 гааны нүөлсүтэн кэлбит. Гааттан 3-түү туоннаттан тахса от кэлэрин ситиспиттэрин «Хорообут» ХЭТ дириэктэрэ Прокопий Плотников кэпсээтэ. Быһыты саҥардан тутуу үлэтин суумата, быһа холуйан, 8 мөлүйүөн 400 тыһыынчаттан тахса солкуобайга тахсыбыт. «Үчүгэй хапытаалынай бырайыак оҥоһулла илик диэн көрөбүн. Ол иһин күүстээх уу алдьатар», ‒ диир нэһилиэк баһылыга Валерий Колосов. Бүгүҥҥү туругунан, улуус экэниэмикэтин биир тирэх хаһаайыстыбатыгар 429 сүөһүлээх, 129 ынах ыанар. Үүккэ былааннара 250 туонна, баалабайынан, кыраапыкка 96 туонна буоллаҕына, 136 туоннаны ыабыттар. Арахпат ардахтар мэһэйдээбиттэр. Петр Алексеев Прокопий Плотниковтан саҥа хотонун  бырайыагын иҥэн-тоҥон ыйыталаста.

Миниистир Хара нэһилиэгэр «Туйгун» агрокластер тэриллэн эрэр сиригэр-уотугар сылдьан нэһилиэк баһылыга Дария Назарованы уонна агрогластерга эрэсидьиэнниир эдэр пиэрмэрдэри, нэһилиэк баһылыгын солбуйааччытынан үлэлээбит, кластер салайааччытынан анаммыт эдэр пиэрмэр Павел Адамовы кытта көрүстэ. Олохтоох баһылык миниистиргэ агрокластер былаанын тэнитэн көрдөрөн, туох үлэ барыахтааҕын сырдатта. Сир киэҥин эттилэр. Аҥардас мэччирэҥҥэ 1 тыһыынчаттан тахса гаалаахтар. Билиҥҥитэ, кластерга 6 киһи эрэсидьиэнниир. Сыыйа, баҕалаах эдэр дьону хомуйан, ахсааннарын элбэтэн иһиэхтээхтэр. Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы болҕомтотугар тумнуллубат кыһалҕа буолбут электро-уот ситимигэр холбонууга «Якутскэнерго» хампаанньа соболоҥо олус ыараханын тиэртилэр. Ол улаханнык атахтыыр чинчилээх. Аны, гаас үрдүк баттааһыннаах турбатын аттынан буолан хаалбыттар эбит. Нуорма быһыытынан, турбаттан 150 м чугаһа суох буолуохтаах, онон, дьиэни-уоту тэйитэ түһүү соруга турбут курдук. Салгыы Петр Алексеевы Үрдьүҥэхтээх алааһыгар тиийэн, манна тэнитиллэ турар саҥа кыбаарталы көрдө. Баһылык Дария Назарова манна эмиэ кыбаартал былаанын тэнитэн сиһилии кэпсээтэ. Оскуолалалаах, успуорт саалалаах, интэринээттээх буолуохтаах саҥа кыбаарталы Россия тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын өрө тардыыга туһааннаах бырагараамматыгар киллэртэрии соруга турар. Ол кыалыннаҕына, Үрдьүҥэхтээх саҥа кыбаартал аҥардас харалар эрэ олорор түөлбэлэрэ буолбакка, чугастыы, 10-20 км иһинэн үлэлиир дьон эмиэ олорор тупсаҕай кыбаарталлара буолуохтаах. Бүгүҥҥү күҥҥэ манна «Манчаары» кэпэрэтиип үлэһиттэрэ уһаайбаланан эмиэ олороллор. Манна олорор 6 киһи «Чүүйэ» МУТ комплексыгар үлэлиир.

Бидилики сайылыкка вице-премьери Тараҕай нэһилиэгин баһылыга Гаврил Бурнашев, «Чүүйэ» хаһаайыстыба салайааччыта Святослав Кириллин, хаһаайыстыбаны сүөһү сиир эбии аһылыгынан хааччыйан эрэр урбаанньыт Алексей Герасимов көрүстүлэр. Бу күннэргэ сайылыкка «Чүүйэ» 150-ча ньирэйин Александра Мироновалаах иккиэ буолан көрөллөр-истэллэр. Үлэһиттэр олорор дьиэлэрэ Күн батарыайатынан электро-уоттанар эбит. Хаһаайыстыба үлэһиттэрин сэргэ, 2 ыал сайылаан олороллор. Святослав Кириллин 465 сүөһүлээхтэрин кэпсээтэ. Былырыыҥҥы уонна быйылгы төрүөх 130 ыччат сүөһүлээхтэр. 130-тан тахса ынах ыанар. 60-ча кытарах. Москва уобалаһын Гагарин куоратыгар баар «Мустанг. Технологии кормления» хампаанньа оҥорор 18 компоненнаах эбии аһылыга улахан көдьүүстээҕин көрдөрбүтүн Святослав Кириллин бэлиэтиир. Ыамнара тута үрдээн барбыт. Хампаанньа аһылыгын өрөспүүбүлүкэҕэ «Баҕарах» (Хатас) уонна «Нөмүгү» (Хаҥалас) хаһаайыстыбалар үлэлэригэр туһана сылдьалларын Алексей Герасимов эттэ. «Чүүйэ» хаһаайыстыба бу эбии аһылыгынан туһанар үһүс хаһаайыстыбанан буолбут. Бу аһылыгынан аһатан, сыыйа барыска тахсар баҕалаахтарын этэр. Электро-уот суоҕа атахтыыр. Петр Алексеев бу күннэргэ министиэристибэҕэ сайдыыларын былааннарын көмүскээбит үүт сайылыктарыгар 4-түү мөлүйүөн солкуобай үбү көрүү боппуруоһун ырытыһа сылдьалларын иһитиннэрдэ. «Оттон уотуу-төлөһүтүү сайылыктарыгар 2-лии да мөлүйүөн солкуобайы көрүөххэ сөп буолуо. Үпкэ наадыйыылара үүт сайылыктарыттан икки төгүл кыра буоллаҕа», — диэтэ кини.

Улууска сырыытыгар Петр Алексеев, сүрүннээн, чуолкай бырайыактары, биисинэс-былааннары көрүөн баҕарарын эттэ. Уопсайынан, кини сылдьыбыт сиригэр барытыгар ымпыктаан-чымпыктаан ыйытыылары биэртэлээтэ, сэмэлиир, ыйар-кэрдэр бэлиэтээһиннэри да оҥортоото.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА