Мэҥэ Хаҥаласка федеральнай таһымнаах суол оҥоһуллар

«Лена» федеральнай таһымнаах суолунан урукку өртүгэр тырааныспарынан, быыл-буор быыһынан айанныыр эбит буоллахпытына, быйыл сайын остуол ньуурун курдук көнө, киэҥ-куоҥ суолунан айаннаан абыранныбыт. Ыам ыйын бүтүүтүгэр Ороссолуода нэһилиэгэр диэри суол асфаалынан бүрүллүбүтэ.


От ыйыгар Павловскайга диэри саҥа суолунан дуоһуйа айанныыр буоллубут. Бу күннэргэ Аллараа Бэстээх асфальт суолугар силбэһиэҕэ. Онон Хаҥалаһынан, Алданынан, Нерюнгрига, оттон салгыы Амурскай уобаласка тиэрдэр «А-360» трасса улахан аҥара бүрүллэн бүтэн эрэр. Биһиги улууспут сиригэр-уотугар үрэхтэри туоруур муосталары эргийэн барар эрэ суоллар билиҥҥитэ тааһынан сыталлар.

От ыйын 21 күнүгэр улууспутугар «Росавтодор» суол-иис федеральнай агентствотын салайааччытын солбуйааччы Игорь Астахов «А-360» тыраассаны оҥорооччуларга анаан тутуллубут стела үөрүүлээх аһыллыытыгар кэлэн ыалдьыттаата. Кини Саха сиригэр сүрүннээн кэлбит сыалынан-соругунан Халыма федеральнай таһымнаах суол хайдах туруктаах турарын билсии буолар. Лена федеральнай суолунан 100 биэрэстэни айаннаан, суол оҥоһуута хайдах бара турарын көрбүт:

«Лена» федеральнай суол Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр эрэ буолбакка, бүтүн Россияҕа суолталаах, хотугу Уһук Илини, Магадан уобалаһын, Чукотканы кытта сибээстиир биир улахан таһымнааҕынан буолар. Бу суолу тутуу бастаан ХХ үйэ 20-с сылларыгар саҕаламмыта, хаачыстыбатын тупсарыы 1963 с. ыытыллыбыта. Оттон сылы эргиччи сырыылары хааччыйар суол 1987 с. ситэриллибитэ. Билигин суол асфаалынан бүрүллэн, сыл бүтэһигэр 1152 км уһуннаах суолтан 450 км оҥоһуллара хаалыаҕа. 2020 сылга суол бүтүннүү бүтүөҕэ диэн былаанныыбыт. Суол бүтүннүү оҥоһуллан бүттэҕинэ даҕаны абырахтааһын, өрөмүөн үлэлэрэ тохтобула суох ыытылла туруохтара, ‒ диэтэ Игорь Георгиевич.

Стеланы арыйыы үөрүүлээх түгэнигэр СӨ Тырааныспарга уонна суол-иис хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Семен Винокуров, «Росавтодор» тэрилтэ үлэһиттэрэ, улуус баһылыга Николай Старостин, «Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэ» МТ баһылыга Георгий Бор, суолу оҥорооччулар кытыннылар. Айаннааччылар харахтарыгар хатанар дьэрэкээн тутуулаах стела Невери уонна Дьокуускайы холбуур Лена федеральнай суолун тыраассата «А-360» диэн ааттанарын туоһулуур бэлиэ сир-дойду, суол иччилэрин тохтоон аһатарга аналлаах буолуоҕа.


Бу кэнниттэн Халыма федеральнай суолугар, Дьаҥхаады нэһилиэгин сиригэр-уотугар суугунуур сүүрүктээх Суола үрэҕин туоруур саҥа муоста үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Улуус хоту эҥэр сытар нэһилиэктэрэ, Чурапчы, Таатта, Томпо о.д.а. улуустарга айаннааччылар кэлэр-барар суолларыгар эргэ муоста оҥоһуллубакка үгүс эрэйи көрбүттэрэ. Билигин Табаҕаттан төрүттээх биир дойдулаахпыт Иннокентий Шишигин салайааччылаах 13 үлэһиттээх «Саха-мостострой» ХЭТ муус устар ыйтан саҕалаан бэртээхэй тимир-бетонтан үйэлээх муостаны оҥорон үлэҕэ киллэртэрдилэр.

«Саха-мостострой» тэрилтэ 11-с сылын сүрүннээн Өймөкөөн оройуонугар муоста тутуутугар үлэлиир. Сылга ортотунан үстүү муостаны туталлар. 3 сыл тухары кэтэһиллэн оҥоһуллубакка турбут муостаны төрдүс сылыгар тиэндэри кыайан, үчүгэй муостаны бэлэхтээтилэр.


Улуус баһылыга Николай Старостин оройуон салалтатын, биир дойдулаахтарбыт ааттарыттан биһиги улууспут иһинэн ааһар федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах суолларга болҕомто сөптөөхтүк уурулларынан СӨ Бырабыыталыстыбатыгар, Тырааныспар уонна суол-иис хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр махталын тириэртэ итиэннэ оройуон иһинээҕи суолталаах суоллары тупсарыыга былааннаах үлэлэр ыытыллан иһиэхтэрэ диэн эрэннэрдэ.

This post was published on 25.07.2016 16:31 16:31