Мэҥэ Хаҥаласка эр дьон муус ылыытыгар көмөлөһөллөр

Майа сэлиэнньэтин дьаһалтата, эр дьон түмсүүтэ уонна тэрилтэлэр эр дьоно бу күннэргэ кырдьаҕас, кыаммат араҥаҕа уонна СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр муус ылыытыгар субуотунньук тэрийдилэр, НВК Саха телеграм-ханаал суруйар.

Эр бэртэрэ 100-чэ ыал олбуоругар ыраас мууһу тиэрдэр соруктаахтар.

Быйыл тэрилтэлэр, эр дьон бэйэлэрэ тыл көтөҕөннөр тэрилтэлэргэ биэстии, алталыы ыалга үллэрэннэр халыҥ испиэһэк оҥоһуллубут. Онно эбии оскуолалартан улахан кылаас үөрэнээччилэрин үлэ үөрүйэхтэригэр, сатабылларыгар сыһыарар сыаллаах үлэни-хамнаһы тэрийэллэр.

This post was published on 08.11.2023 16:23 16:23